“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
ЭРГИЛЛЭН КЭЛЭЭРИҤ, БООТУРДАР
Аҕа дойдугутун көмүскүү,
Аттанныгыт Саха сириттэн.
Адаҕыйда сидьиҥ өстөөх,
Аҕыраабат алдьархай ааҥнаата.
Абатыан, бу дьоллоох олохтон,
Арахсан сэриигэ турунар,
Алаһа дьиэҕитин, дьоҥҥутун,
Хаалларан дууһаҕыт айманар.
Ким билиэй инники дьылҕатын,
Ким ону эрдэттэн сэрэйиэй?
Сэрии диэн сэрии буоллаҕа,
Бүгүн баар, сарсын суох да буолуон.
Дойдуну буурҕалыы аймаабыт,
Дьалхааннаах, ыарахан кэм кэллэ,
Хара дьай нациһы утары,
Хаан хааҥҥа киирсэргэ бэлэмҥит.
Ол онно — буомбалар эстэллэр,
Туланы тоҕута тэбэллэр.
Ол онно — буулдьалар иһиирэ,
Дьөлүтэ сэймэктээн ааһаллар.
Самнарыа суоҕа ол барыта,
Тохтоппот ол модун санааны.
Эйэлээх олохпут эргиллиэ,
Ийэ тыл алгыһа арчылыа.
Эргиллэн кэлээриҥ — хотойдор,
Кыайыыны уһансан — эрэттэр,
Эрэллээх, эрэнэр — эр дьоммут,
Эһиги буолаҕыт — Боотурдар!
.
Саҥа дьыл барахсан, оннук-маннык итэҕэллэргэ, кирдээх бэлиитикэҕэ умньамматах, соҕотох алыптаах, оҕотуттан оҕонньоругар тиийэ дуоһуйа, астына…
Саха сирэ хорсун-хоодуот дьонунан аатырар, дойду устуоруйатыгар элбэх дьоруойу бэлэхтээбитэ, олор истэригэр Аҕа дойду Улуу…
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр буруйу оҥоруу сэттэ түбэлтэтэ тахсыбыт. Манан процессуальнай бэрэбиэркэни ыытыыны уонна холуобунай…
«Якутскэнерго» ПАУо өрөспүүбүлүкэ олоҕо-дьаһаҕа бигэ туруктаах буолуутугар уотунан-сылааһынан хааччыйар дьоһун суолталаах тэрилтэнэн буолар. Хампаанньа генеральнай…
Бүгүн, тохсунньу 11 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ соҕуруулуу-арҕаа, хотугулуу-илин, илин өттүгэр кыралаан хаардыаҕа. Киин, арҕаа оройуоннарга туманнаах…
Бүгүҥҥү күн – наҕыл, сымнаҕас уонна дьиэҕэ-уокка чугас дьону кытта сынньанарга табыгастаах кэм. Ый Оҕус…