Надежда Селютина: «Алдан көмүс хостооһунугар инники кэккэтигэр»

Share
Быйыл Саха сирин көмүс хостуур бырамыысыланнаһа 100 сылын бэлиэтиир. Бу бэлиэ түгэн Саха сирин устуоруйатын биир чаҕылхай кэрчигинэн буолар. Бу туһунан Алдан улууһун Сэбиэтин дьокутаата Надежда Селютина санаатын үллэһиннэ:

— Алдан оройуона көмүс хостооһунун кээмэйинэн инники кэккэтигэр иһэр — Арассыыйаҕа биир бөдөҥ бырамыысыланнай киининэн буолар. Алдан оройуона көмүс хостооһунун киинэ эрэ буолбатах, 100 сылтан ордук кэмҥэ тырааныспар сырыытын тутан кэллэ. Бу кэм устата Невертэн Дьокуускайга диэри төһөлөөх таһаҕас тиэллибитэ буолла. Көмүстээх Алдан баар буолан, бу «Лена» тыраассата сайдан, билигин тимир суол манан тигиниир.

Төһө да дойдубутугар уустук кэм буолан турдар, 2022 сыллаахтан Алдан оройуона сыллата саҥаттан саҥа рекордтары олохтуур. 2023 сыллаахха Ил Дархан Айсен Николаев Алдан оройуонугар саҥа бырамыысыланнай кластерын тутуллуутун өйөөбүтэ. Бу кластер оройуон сиригэр баар хампаанньалар салгыы сайдалларыгар уонна саҥа көрүҥнэри оҥорон таһааралларыгар, сиртэн хостонор саҥа баайдары булалларыгар төһүү күүс буолан, дойдубут оборуонатын бөҕөргөтүүгэ дьоһун көмөнү киллэриэҕэ.

Биһиги 100 сыллаах, бүтүн биир үйэ устуоруйалаах Алдаммыт Килбиэннээх үлэ куоратынан ааттаныан ааттанар! Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат! Биһигини дойдубутугар бэриниилээх буолуубут уонна ааспыт дьоһун устуоруйабытынан киэн туттуубут холбуур. Өссө төгүл бырааһынньыгынан, күндү биир дойдулаахтарым!

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago