Дьокуускай куорат Н.Д.Неустроев аатынан бибилэтиэкэҕэ уһулуччулаах опернай ырыаһыт, РСФСР үтүөлээх артыыһа, СӨ норуодунай артыыһа Надежда Семеновна Шепелева төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах “Саас килбик мичээрэ” диэн ахтыы айар киэһэтигэр ыҥырыллан үөрүүм үгүс…
1964 сыллаахха Дьокуускайдааҕы Музыкальнай-художественнай училищены бүтэрэн, Амматааҕы оҕо муусука оскуолатыгар үлэлээн баран, 1975 сыллаахха Хабаровскайдааҕы култуура институтун бүтэрэн дойдубар кэлбитим.
1975-1993 сылларга Култуура министиэристибэтин искусство салаатыгар үрдүкү мэтэдииһинэн Надежда Семеновна Шепелева уонна Марсельеза Александровна Курганова, Галина Алексеевна Шелковникова, А.И.Лукина баран үлэлээбиппит.
Ити кэмҥэ Култуура миниистиринэн Ефим Николаевич Васильев, солбуйааччыларынан Надежда Семеновна Шепелева, Василий Афанасьевич Босиков этилэр уонна 1971 сыллаахха аһыллыбыт саҥа салааҕа — мэтэдиичэскэй кэбиниэт дириэктэринэн Марсельеза Александровна Курганова уонна Мамлакат Дмитриевна Старостина үлэлииллэрэ.
Мин санаабар, кинилэр култуураҕа, искусствоҕа сыһыаннаах дьон буолан оҕолору, ыччаты ити эйгэҕэ, билиигэ-көрүүгэ, толкуйдуур дьоҕуру сайыннарар болҕомтону кытаанахтык былааннаан, туруорсан улахан олук уурбуттара.
Мин 1975 сыллаахха үлэлиирбэр сүүрбэччэ эрэ муусука оскуолатыгар оҕолор байааҥҥа, фортепианоҕа, үҥкүүгэ, уус-уран салааҕа уонна 1-кы нүөмэрдээх Муусука өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуолатыгар үөрэнэллэрэ. Ону таһынан, ыччаттар культурнай-сырдатар, муусука, художественнай, педагогическай училищеларга орто үөрэххэ үөрэнэллэрэ.
Ити кэмнэргэ сыл аайы былаан быһыытынан 34 оройуоҥҥа В.А.Босиков, Н.С.Шепелева, М.А.Курганова сатабылларынан, туруорсууларынан оҕо-ыччат култуураҕа, искусствоҕа сайдарыгар Оҕо муусука оскуолаларын, Оҕо художественнай оскуолаларын, Оҕо искусствотын оскуолаларын уонна филиаллары (сорох улуустарга түөртүү-биэстии) астараллара. Холобур, 1986 сыллааҕы отчуоттан көрдөххө, бу оскуолаларга өрөспүүбүлүкэтээҕи 91 филиалы ааҕан туран 12 219 оҕо үөрэнэрэ, итинтэн 1010 – хоровойга, 1303 – художественнайга, 1324 – хореографияҕа, 37 – театральнайга.
Ити кэмҥэ киин мэтэдиическэй кэбиниэт Новосибирскайдааҕы консерваторияны кытта бииргэ былааннаан, кустовой мэтэдиическэй холбоһуктар оскуолаларга көмө оҥороллоро: оҕолорго, учууталларга куурустары, куонкурустары ыыталлара, быыстапкалары тэрийэллэрэ.
Ити кэмнэргэ үлэлээбиппэр махтана саныыбын. Сөптөөх кэмҥэ, биир көрүүлээх салайааччылар олорон саҥа үөрэх салааларын аспыттара: 1971 сыллаахха Дьокуускайга — Оҕо художественнай оскуолатын, 1993 сыллаахха — Муусука үрдүкү оскуолатын, 1995 сыллаахха — Хореографическай училищены.
Билигин Надежда Семеновнаны кытта сибээстээх түгэннэри ахта саныыбын… Оччолорго уларыта тутуу кэмэ этэ, сорох аспытын маҕаһыынтан толуонунан ылар этибит. Биирдэ Надежда Семеновна ас сакааһа кэлэригэр Кируша соҕотох диэн миигин дьиэлэригэр тиийэрбэр көрдөспүтэ. Бэрт сэмэй ыалын өйдөөн хаалбыппын.
Биир үтүө күн Надежда Семеновна үлэтин хоһугар киирэн олордохпуна төлөпүөнүнэн: “Кируша, тоойуом, уһугуннуҥ дуо? Кытаат, тур аһаа, хойутаары гынныҥ”, — диэн олус нарын, сылаас куолаһынан кэпсэтэрин истэн олорон, бэйэм да уйадыйан ылбыттаахпын.
1982 сыл алтынньы 4 күнүгэр Тува мэтэдииһэ кэлэн “Рисуют дети Тывы” диэн быыстапканы тэрийэн баран Надежда Семеновнаны көрдөһөн ыллаппытын өйдүүбүн. Ис дууһатыттан олус итийэн-кутуйан туран ыллаабыта, мэктиэтигэр өссө улаатан, үрдээн көстөргө дылы буолбута уонна олорор сирим хамсыырга дылы гыммыта. Ол курдук, үчүгэйдик ыллаабытын бары сөҕөн бэлиэтээбиттэрэ.
Аны 1987 сыллаахха бэс ыйын 22 күнүгэр Уус Алдаҥҥа Суорун Омоллоон төрүттээбит мусуойугар Нуучча литэрэтиирэтин уонна искусствотын күннэрэ ыытылларыгар үрдүк мырааҥҥа тахсар муостанан, Дмитрий Кононович Сивцев бэрт холку баҕайытык, сүүрүүнээн түспүтүн сөҕө көрбүттээхпин.
Юлия Сивцева, үлэ бэтэрээнэ, ССРС култууратын туйгуна.
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…