Надежда Владимирова: «Улахан эбэни туоруур муоста тутуллуутун эрэнэ күүппүппүт ыраатта»
Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста тутуллуутун бастакы сыбаайата ууруллуута Саха сиригэр суолтата олус улаханын туһунан Амма улууһун Сулҕаччы нэһилиэгин олохтооҕо Надежда Владимирова санаатын этэр:
— Бүгүн Өлүөнэ эбэни туоруур муоста тутуллуута саҕаламмытын, бастакы сыбаайата ууруллубутун ааҕаммыт, көрөммүт олус үөрдүбүт. Биһиги, аммалар, уопсайынан атын даҕаны илин эҥээр улуустар олохтоохторо Өлүөнэ эбэни туоруур муоста тутуллуутун долгуйа, эрэнэ күүппүппүт ыраатта. Хас эмэ көлүөнэ илин эҥээр олохтоохторо муоста тутуутун ыра санаа оҥостон кэллибит, онтубут олоххо киирэн эрэрэ долгутуулаах.
Саас муус барарыгар, күһүн тоҥоругар хаайтарыы бөҕө буолабыт. Сотору поруом сырыыта тохтоото даҕаны сүүһүнэн тыһыынча киһи эмиэ икки кытылга хаайтарыа турдаҕа. Аны сайынын даҕаны унньуктаах уһун уочаракка олорон поруомунан туоруур сылаалаах буолар. Муоста – биир баараҕай тутуу. Саха сиригэр суолтата олус улаханын бары да өйдүүр буоллахпыт. Хата, аҕыйах сылынан муостанан сырылатан ааһарбытын харахпар ойуулаан көрөбүн.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: