Надежда Владимирова: «Улахан эбэни туоруур муоста тутуллуутун эрэнэ күүппүппүт ыраатта»

Share

Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста тутуллуутун бастакы сыбаайата ууруллуута Саха сиригэр суолтата олус улаханын туһунан Амма улууһун Сулҕаччы нэһилиэгин олохтооҕо Надежда Владимирова санаатын этэр:

— Бүгүн Өлүөнэ эбэни туоруур муоста тутуллуута саҕаламмытын, бастакы сыбаайата ууруллубутун ааҕаммыт, көрөммүт олус үөрдүбүт. Биһиги, аммалар, уопсайынан атын даҕаны илин эҥээр улуустар олохтоохторо Өлүөнэ эбэни туоруур муоста тутуллуутун долгуйа, эрэнэ күүппүппүт ыраатта. Хас эмэ көлүөнэ илин эҥээр олохтоохторо муоста тутуутун ыра санаа оҥостон кэллибит, онтубут олоххо киирэн эрэрэ долгутуулаах.

Саас муус барарыгар, күһүн тоҥоругар хаайтарыы бөҕө буолабыт. Сотору поруом сырыыта тохтоото даҕаны сүүһүнэн тыһыынча киһи эмиэ икки кытылга хаайтарыа турдаҕа. Аны сайынын даҕаны унньуктаах уһун уочаракка олорон поруомунан туоруур сылаалаах буолар.  Муоста – биир баараҕай тутуу. Саха сиригэр суолтата олус улаханын бары да өйдүүр буоллахпыт. Хата, аҕыйах сылынан муостанан сырылатан ааһарбытын харахпар ойуулаан көрөбүн.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан нэдиэлэтэ: Айсен Николаев үлэтин сүрүн түгэннэрэ

Ахсынньы 29 күнэ. Ил Дархан Мэҥэ Хаҥалас улууһугар үлэлээтэ. Аллараа   Бэстээххэ учаастактааҕы балыыһа саҥа дьиэтэ…

6 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Түүл суолтата утуйар уу хаамыытынан

Саха саныырынан, утуйар уу араастаах. Сылбай уу кэмэ -- киэһэ сыппыт кэннэ түүн үөһүгэр диэри.…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Түбүктээх сыл үтүө түмүктэрэ

Хатас нэһилиэгэ сыллааҕы үлэни-хамнаһы түмүктүүр киэһэтэ буолан ааста Сылы түмүктүүр, ааспыты анаарар, буолбуту ырытар ахсынньы…

8 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ат сылыгар төрөөбүт Лаверновтар

Өрөспүүбүлүкэҕэ биир саамай кэрэ кэргэннии паараларынан Айталина уонна Вячеслав Лаверновтар буолаллар. Томпо уонна Амма Кэрэ…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Кыһыҥҥы билгэ

Өбүгэлэрбит хайдах күн-дьыл буолуон эндэппэккэ билэллэрэ. Айылҕа араас көстүүтүн, оту-маһы, кыылы-сүөлү кэтээн көрөллөрүн туһунан элбэхтэ…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга — сэргэх тэрээһиннэр

Атамайга элбэх хайысхалаах кииҥҥэ сэргэх тэрээһин буолла. Тэрээһин бастакы чааһыгар Атамай нэһилиэгин түөлбэлэригэр бастыҥнары чиэстиир…

12 часов ago