Салгыы
Надежда Зайкова: «Дойдуга бэриниилээх буолууга ыччаты иитиигэ болҕомто күүһүрэр»

Надежда Зайкова: «Дойдуга бэриниилээх буолууга ыччаты иитиигэ болҕомто күүһүрэр»

Ааптар:
07.03.2023, 12:53
Мария Васильева, СИА
Бөлөххө киир:

Дойдуга бэриниилээх буолуу, ыччаты ботуруйуоттуу иитии үлэтигэр Арассыыйа үрдүнэн улахан болҕомто ууруллан эрэрин итиэннэ Саха сиригэр бу ый саҥатыгар буолан ааспыт Гражданскай пуорум сүрүн түмүктэрин тустарынан Муусука Үрдүкү оскуолатын ректора, СӨ Уопсастыбаннай палаататын чилиэнэ Надежда Зайкова хаһыат саайтын ааҕааччыларыгар санаатын үллэһиннэ.

— Быйыл кулун тутар 2 уонна 3 күннэригэр Дьокуускай куоракка Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ сылыгар анаан «Үлэ киһитэ – саҥа соруктар уонна кыахтар» тиэмэ тула ыытыллыбыт Гражданскай пуорум ыччаты дойдуга бэриниилээх буолуу тыыныгар иитии үлэтигэр уопсастыбаннаска туһаайан улахан соруктары туруорда.

Бу пуорумҥа «Патриотизм уонна духуобунас, сиэр-майгы сыаннастара: аныгы кэм хайысхалара» диэн боппуруоска дьүүллэһии, санаалары атастаһыы былаһааккатын салайан ыыттым. Манна биһиги билигин аан дойдуга уонна Арассыыйаҕа, уопсастыба олоҕор бара турар саҥа уларыйыылары, ыччат ортотугар духуобунас, сиэр-майгы сыаннастарын, сүрүн өйдөбүллэрин кытта сибээстээх боппуруостары дьүүллэстибит. Аҕа көлүөнэ соруга манна тугуй диэн боппуруоска биһиги, пуорум кыттыылаахтара, национальнай сыаннастарбытын чөл тутан, онно тирэҕирэн эдэр ыччаппытын иитии, харыстааһын, кинилэри долгутар боппуруостарга сөптөөх харданы булалларыгар көмөлөһүү буолуохтаах диэн түмүккэ кэллибит.

Ити боппуруостары дьүүллэһии, санаалары атастаһыы былаһааккатын ыытыы түмүгэр Гражданскай пуорум түмүк резолюциятыгар судаарыстыбаннай уонна үлэлиир тыллары чөл тутан салгыы сайыннарыыга, духуобунас, сиэр-майгы үгэс сыаннастарын бөҕөргөтүүгэ, дойдуга бэриниилээх буолууга уһуйуу көдьүүстээх технологияларын олоххо киллэриигэ сыһыаннаах быһаарыылары ылынныбыт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 октября
  • 2°C
  • Ощущается: 2°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: