Анатолий Игнатьевич Чомчоев уонна «Хоту Тент» тэрилтэ салайааччыта Афанасий Спиридонович Махатыров «Армия-2023» байыаннай-тиэхиньиичэскэй пуорумҥа билиһиннэрбит тепловизортан кистиир чехола маассабайдык байыаннай бырамыысыланнаска туһаныллар буолла.
Бу туһунан урукку РФ Оборуонатын миниистирэ Сергей Шойгу илии баттааһыннаах дипломунан бигэргэммит сонун куйаар ситимигэр тарҕанна. Ол курдук, «Накидка» чехол идиэйэтин ааптардарынан Саха сириттэн Анатолий Чомчоев уонна Афанасий Махатыров буолаллар.
Бу иннинэ, Кыайыы күнүн көрсө, «Курганмашзавод» холдина сакаасчыкка саҥа байыаннай баартыйа тиэхиньикэтин тиэйбитэ диэн «Ростех» пресс-сулууспата суруйар. Байыаннай чаастарынан саҥа БМП- 3 байыаннай массыыналар баартыйата «Накидка» маскировкалыыр чехоллары кытары ыытыллыбыттара биллэр.
«Накидка» чехол байыаннай тиэхиньикэ кээмэйинэн таҥыллар. Бу сырыыга чехоллар БМП-3 массыыналарга анаан оҥоһуллубуттара биллэр. Чехол үөһэттэн салгын температуратыгар тэҥник намтатар анал синтетическэй итиини тэйитэр матырыйаалтан турар. Бу инфракраснай диапазоҥҥа байыаннай массыыналар радиолокационнай уонна радиотепловой диапазоннарга көстүүлэрин аччатар. Ол курдук, «Накидка» чехолу туһаныы чугастааҕы инфракраснай диапазоҥҥа күнүстэри-түүннэри көрөр прибордарынан, тепловизионнай тиһиктэринэн уонна самонаведение аппарааттарынан тиэхиньикэ булуллуутун биллэрдик аҕыйатар. Чуолаан, тиэхиньиичэскэй өттүнэн байыаннай массыыналар көстүбэт буолаллар.
«Накидканан» бүрүллүбүт тиэхиньикэни күнүскү өттүгэр үчүгэй оптика көмөтүнэн өссө көрүөххэ сөп эбит буоллаҕына, түүнүн көстүбэт буолар. Оттон самонаведение аппарааттарынан, холобур, тааҥкалары утары «Javelin» комплекстарынан күнүскү өттүгэр кытары көстүбэт.
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…