Накыын «вахтовига» 600 тыһыынча солкуобайыттан маппыт

Share
Саха сирин олохтоохторо дистанционнай түөкүттэр албыннарыгар киириилэрэ тахса турар. Ол курдук, Ис дьыала министиэристибэтин Ньурба оройуонунааҕы отделыгар  Накыыҥҥа баахтанан  үлэлиир   62 саастаах  киһиттэн  600 000 солкуобайын уордарбытын туһунан иһитиннэрии киирбит.

Биир күн  эр киһиэхэ куттал суох буолуутун сулууспатын үлэһитэбин диэн эрийэннэр,  кини аатыгар түөкүттэр  1 300 000 солкуобайдаах кирэдьиит оҥорторон эрэллэрин туһунан  иһитиннэрбиттэр. Ону тохтотор туһуттан, түөкүттэр иннилэрин быһа түһэн, кирэдьиит ылан, «куттала суох счекка» тута көһөрөрүгэр сүбэлээбиттэр.   Эр киһи түөкүттэргэ итэҕэйэн, харчытын атын счекка көһөрбүт. Барытын ыытыа эбит да, дьолго, каартатыгар лимит турар буолан, ыйыллыбыт сууманы барытын ыыппатах.

Түөкүттэр маннык ньыманан албынныыллар:

1.Түөкүн бэйэтин билиһиннэрэр.

2.Түөкүн албаһыгар киллэрэ сатыыр киһитин персональнай дааннайын этэр.

3.Албаһы туһанан, эмсэҕэлээччи счетун туһунан муннарыылаах саарбах историяны айан кэпсиир.

4.Албыннааччылар сымыйанан Киин баан, Силиэстийэлиир управление, полиция, бааннарга куттал суох буолуутун хааччыйар сулууспа, ФСБ, о.д.а. үлэһиттэрэ аатыраллар.

5.Угаайытыгар киллэрэ сатаан, бу киһи харчытын «аптаах» куттала суох счекка (түөкүттэр тус счеттарыгар) көһөрөргө сүбэлиир.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

9 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

12 часов ago