Салгыы
Налимскайга амбулатория дьиэтэ тутуллан үлэлиир

Налимскайга амбулатория дьиэтэ тутуллан үлэлиир

22.08.2023, 09:30
Хаартыска: Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтата.
Бөлөххө киир:
  • Атырдьах ыйын 21 күнүгэр Айсен Николаев Орто Халыма улууһугар бара сылдьан, Налимскайга «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн тутуллубут саҥа амбулаторияны көрдө-иһиттэ.
Хаартыска: Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтата.

— Өрөспүүбүлүкэҕэ «Развитие Арктической зоны и коренных малочисленных народов Севера Республики Саха (Якутия) на 2020-2024 годы» бырагыраама үлэлиир. Ол көмөтүнэн улууска тутуу матырыйаалларын тиэрдибиппит. Былырыын муус устартан үлэ саҕаламмыта, сэтинньи ыйга миэдиктэр бастакы пациеннарын көрбүттэрэ. Амбулатория аныгылыы тэрилинэн, миэбэлинэн хааччыллыбыта ордук суолталаах. Онон Арктика улуустарыгар мэдиссиинэ көмөтө дьоҥҥо тиийимтиэ буоларын ситиһэбит, — диэн Ил Дархан эттэ.

Амбулаторияҕа дьон кэтэһэр хоһо, быраас кэбиниэтэ, процедурнай, санитарнай, быһыы биэрэр хостор, эмтэри харайар кэбиниэт бааллар. Күнүскү станционар куойката уонна быстах кэмҥэ сытар куойка бааллар. Киирэр ааннар пандустаахтар. 120 кв.м. иэннээх амбулатория толору хааччыллыылаах. Сырдык, ыраас, саҥа дьиэҕэ быраас, биэлсэр уонна сиэстэрэ үөрэ-көтө үлэлииллэр.

2021 сылтан доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх тэрилтэлэрин саҥардыы бырагырааматынан Орто Халыма улууһугар Налимскайга, Березовкаҕа уонна Өлөөкө Күөлгэ 3 быраастаах амбулатория тутулунна.

Оттон Саха сиригэр 2018 сылтан 74 биэлсэр-акушер пууна уонна амбулатория тутулунна. 2023 сыл бүтүөр диэри өссө 9 биэлсэр-акушер пууна уонна амбулатория тутуллан киириэҕэ. 2021-2023 сылларга доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх тэрилтэлэрин саҥардыы бырагырааматынан өрөспүүбүлүкэ федеральнай бүддьүөтүттэн 6,5 миллиард солкуобайы ылбыта.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: