Салгыы
Ньалыас Уйбаан – сирдьит, хааччыйааччы

Ньалыас Уйбаан – сирдьит, хааччыйааччы

Ааптар:
07.07.2024, 19:00
Бөлөххө киир:

Биллэрин курдук, саха норуотун чулуу уола Алексей Елисеевич Кулаковскай- Өксөкүлээх Өлөксөй киһи уонна гражданин быһыытынан төрөөбүт норуотугар оҥорбут биир улахан үтүөтүнэн 1925 с. саас Өймөкөөн улууһугар күөдьүйэн испит, сэбиэскэй былааһы утарар бастаанньалааччылар хамсааһыннарын тохтотуу, утарсыыны эйэлээхтик түмүктээһин буолбута.

Икки ый устата Өксөкүлээх Өлөксөй Өймөкөөҥҥө сылдьан нэһилиэнньэни кытта элбэхтик көрсүһэн, быһаарсан, тылын ылыннаран, сэбиэс­кэй былааһы  утары барыах курдук хамсааһын тохтоо­бута. Бастаанньалааччылары кытта көрсүһүүлэргэ киниэ­хэ көмөлөһөөччүнэн, дэлэгээс­сийэ аһын-таҥаһын, кэлии­тин-барыытын хааччыйааччынан, сирдьитинэн Өксөкүлээх санаа атастаһар уонна үллэс­­тэр киһитинэн, кини доҕорунан Ньалыас Уйбаан – Иван Алексеевич Степанов (1866-1930-1932) диэн билиҥҥи Томпо оройуонун  Саһыл нэһилиэгин киһитэ этэ. Кэнники бириэмэҕэ Өксөкүлээх Өлөк­сөй туһунан научнай уонна историческай литэрэтии­рэҕэ дэлэгээссийэ чилиэ­нэ И.А.Степанов аата да ааттаммат буолла, ааттаннаҕына даҕаны аҕатын аатын бутуйан­нар, “Александрович” диэннэр, букатын атын киһи буолан тахсар (көр: Николай Коняев. Алексей Кулаковский. Серия ЖЗЛ. – М: Молодая гвардия, 2011 с. 273, 279, 281). Манна эбии ЯЦИК дэлэгээссийэтин иккис чилиэнинэн туох-ханнык киһи буолбута, улуу Өксөкүлээх тоҕо бу киһини талан  ылан бастаанньалааччылары кытта кэпсэтиилэргэ сүбэһит оҥостубутун саха ааҕааччылара үчүгэйдик билбэттэр.

Иван Алексеевич Степанов-Ньалыас Уйбаан диэн кимий?

Кини 1866 с. уруккута Байаҕантай улууһун Саһыл нэһилиэгэр төрөөбүтэ уонна онно олорбута. Холкутук ааҕар уонна суруйар үөрэхтээх этэ. Нэһилиэгэр уонна улууһугар киэҥник биллибит күүстээх киһинэн биллэрэ. 1913-1915 сс. Байаҕантай улууһун кулубата. Кини кэнниттэн үлэлээбит кулуба аата биллибэт, үлэтин туһунан сибидиэнньэ суох, онон, арааһа, Ньалыас Уйбаан 1917 с олунньуга диэри син быраабаҕа улууһун дьаһайа олорбут быһыылаах.

Ньалыас Уйбаан кыах­таах киһи буолан сэниэтик-баайдык олорбут. 1917 с. сайыҥҥы биэрэпискэ бэлиэтэммитинэн, кини хаһаайыстыбатыгар бэ­­йэтэ, кэргэнэ, икки оҕото уонна өссө алта киһи баара бэлиэтэммит. Онон барыта 10 киһи ыйыллыбыт. Хаһаайыстыба бас билиитигэр 5 сылгы, 24 төбө ынах сүөһү (ол иһигэр ыанар ынаҕа – 15 төбө, 1-2 саас­таах кыра сүөһүтэ – 7 төбө), 10 таба бааллара. Ньалыас Уйбаан бэйэ­­тин лаппа кыанар, билии­лээх-көрүүлээх буолан, сылга иккитэ-үстэ Өймөкөөҥҥө тиэстэр, атыынан-эргиэнинэн эмиэ дьарыктанара. Дойдутуттан сүрүннээн бурдугу, ынах арыытын, тирии таҥастары, тимиртэн оҥоһуллубут туттар сэптэри уо.д.а. табаардары таһааран Өймөкөөн сахаларыгар уонна тоҥустарыгар атыылыыра уонна мэнэйдэһэрэ.

Сэбиэскэй былаас олохтоммутун кэннэ 1923 с. ахсынньыга  оҥоһуллубут нэһи­лиэк олохтоохторун испииһэгэр Иван Алексеевич бэйэтэ, кэргэнэ Александра Иосифовна, 11 уонна 13 саастаах иккиэн Александра диэн биир аат­таах кыргыттара эрэ бааллар. Кинилэргэ олорбут, иитиллибит аймахтара уонна үлэһиттэрэ бэйэлэрэ туспа барбыттар этэ. Онон, сэбиэскэй бы­­лаас хаһаайыстыбатыгар дьону көлөһүннүүр, үлэлэтэр диэн баайсар төрүөтэ суох этэ.

Өймөкөөҥҥө тоҕо барбытай?

Маннык олорон, 1925 с. саас куоракка киирэ сылдьан Уйбаан уруккуттан билэр киһитин Өксөкүлээх Өлөксөйү көрсөн кэпсэтэллэр. Бу кэмҥэ Өймөкөөнтөн дьиксиннэрии­лээх сурахтар кэлэллэр, хоту улуустарга алдьархай саҕаланар буолла диэн нэһилиэнньэ сэрэхэдийэр.

Устуоруйаттан көрдөххө, 1924-1925 сс. Охотскай муора биэрэгэр “тоҥустар бастаанньалара” буолбута. Мантан сибээстээн Саха сирин хоту өттүгэр бастаанньалааччылар онон-манан быгыалаан барбыттара. 1921-1923 сс. Саха сирин киинигэр кыайтарбыт бары улуустар хоту улуустарга тэскилээбиттэрэ. Кинилэри самнара
1924 с. сайын Халыма өрүс төрдүгэр Эрнест Георгиевич Светец хамандыырдаах Кыһыл аармыйа аналлаах этэрээтэ кэлэн Халыма уонна Индигиир улуустарыгар сэбиэскэй былаа­һы хаттаан олохтообута. Ол эрээри сэбиэскэй былаа­һы олохтуур Э.Г.Светец уонна олохтоох кыһыл бартыһааннар этэрээттэрэ нэһилиэнньэттэн аһы-таҥаһы, көлөнү, сааны-сэби күүс өттүнэн хомуйуунан, бу иннинэ сэбиэскэй былааһы утары охсуспут дьону барыларын сойуолааһынынан, утар­сааччылары кыдыйыынан дьарыктаммыттара.

Бу курдук сэбиэскэй былаа­һы олохтообут Э.Г.Светец этэрээтэ Өймөкөөнүнэн Охот­скай муора биэрэгэр тоҥус­тар өрө турууларын саба баттыы баран иһэн, Өймөкөөҥҥө иһэр диэн буолбута. Олохтоох нэһилиэнньэ адьас куттал үрдүгэр олорбута. Ол эрээри. 1925 с. кулун тутар 3 күнүгэр олохтоох тоҥустар этэрээттэрэ Индигиир хаҥас салаа­та Брюгэндэ диэн үрэххэ, Сохсолоох диэн тоҕойго тоһуур оҥорон, Э.Г.Светец этэрээтин үлтүрүппүтэ. Тоһуурга Светец уонна 9 кыһыл армеец­тар өлбүттэрэ, ойоҕо уонна икки кыһыл саллаата билиэҥ­ҥэ түбэс­питтэрэ.

Сотору кэминэн Өймө­көөҥҥө кыһыллары кыргыы, бастаанньалааччылар былааһы ылбыттарын туһунан үлүннэриилээх кэпсээннэр Дьокуускайы толорбуттара. Маныаха чекистэр 1922-1923 сыллардааҕы  амнис­тиялары буруйдууллара. Дьэ, билигин бастаанньалааччылары кэһэтиэххэ, хаһан да бы­­лааһы утары барбаттарын курдук  накаас­тыахха диэн өйү-санааны тарҕаппыттара.

Маннык тыҥааһын­наах кэмҥэ Өймөкөөнү иккис төрөөбүт дойдум диэн аат­таабыт, бу иннинэ манна алта төгүл сылдьыбыт, 1924 с. манна аан маҥнайгы ыһыаҕы тэрийбит Өксөкүлээх Өлөксөй ыарахан ыарыытын “умнан”, бары чиэстээһиннэртэн аккаастанан, туох-баар суруйар-чинчийэр үлэлэрин түмүктүүрүн уонна бэчээккэ бэлэмниирин хаалларан, быраҕан туран, Өймөкөөн нэһилиэнньэтин быыһыырга туруммута. 1925 с. ыам ыйын 14 күнүгэр Өксөкүлээх ЯЦИК-ка көрдөһүү сурук киллэрбитэ. Бу суругар кини Өймөкөөҥҥө өрө турууну эйэлээхтик тохтоторго, бастаанньалааччылар сэбиэскэй былааһы били­­нэллэрин туһугар үлэни ыытара, ол инниттэн Өймөкөөҥҥө ЯЦИК дэлэгээссийэтин ыытан иирсээни эйэлээхтик тохтоторго ыҥырбыта уонна эйэлэ­һиини тэрийэр дэлэгээссийэҕэ кинини уонна Иван Алексеевич Степановы – Ньалыас Уйбааны киллэрэргэ көрдөспүтэ. Бу саха норуотун туһугар хорсун быһыы, норуокка бэриниилээх буолуу, суруйааччы төрөөбүт норуотун чахчы таптыырын биир дьиҥнээх туоһута уонна холобура этэ. Өксөкүлээх Өлөксөй курдук уһулуччу­лаах, биллиилээх дьон ыксаллаах балаһыанньаҕа иирсэр өрүттэр кэпсэтиилэригэр олус наада­лаах дьон этилэр.

Николай Николаев, Дьокуускай

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: