«Нам» айан суолун тутуутун болдьоҕун иннинэ туттарыахтара
Киин куоракка Мархаттан Кангалассы, Жатай бөһүөлэктэр хайысхатынан «Нам» айан суолу тутуу быйыл алтынньыга диэри түмүктэнэрэ былааннанар.
«Саха сирин суоллара» бэрэстэбиитэллэрэ иһитиннэрэллэринэн, үлэ кыраапыгы урутаан ыытыллар. «Нам» айан суолун Марха бөһүөлэгиттэн Жатай бөһүөлэгэр диэри саҥардыытыгар «Саха сирин суоллара» тэрилтэ үлэлиир. Билиҥҥи туругунан 350 миэтэрэлээх учаастакка аспаал ууруллара хаалла. Бу күннэргэ суол бастакы араҥатын ууруута ыытыллар. Эбийиэги быйыл алтынньы ый саҥатыгар тутураллара былааннанар. Бу туһунан исписэлиистэр суруналыыстарга пресс-тур кэмигэр кэпсээтилэр.
Сотору кэминэн 3,2 км усталаах учаастакка түөрт балаһаны арыйыахтара. Бырайыагынан тротуардар оҥуллуохтара, светофордары, оптуобус тохтобулларын туруоруохтара уонна сырдатыыта үлэлиэҕэ. Санаттахха «Нам» айан суолу өрөмүөннээһин үлэтэ 2021 сыллаахха «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара» национальнай бырайыак чэрчитинэн саҕаламмыта. Маны таһынан быйыл «Саха сирин суоллара» хампаанньа Дьокуускай куорат таһыгар «Умнас» айан суолу болдьоҕун иннинэ туттарыаҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: