Нам бааһыналарыгар күргүөмнээх үлэ
Нам улууһун хаһаайыстыбаларыгар хомуур үлэтин үгэнэ. Оҕуруотчуттарга, биирдиилээн хаһаайыстыбаларга оскуола оҕолоро хортуоппуй хостооһунугар көмөлөһөллөр.
— Хомуур үлэтэ бара турар. Бааһыналарга күргүөмнээх үлэ. Хата, күн-дьыл турар буолан, оскуола оҕолоро субуотунньукка сылдьан абыраатылар, — диир Нам улууһунааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын кылаабынай агронома Сардана Новгородова.
Санаттахха, СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин министиэристибэтин иһитиннэрэринэн, балаҕан ыйын 16 күнүнээҕи туругунан, бары хаһайыстыбалар 4984 гектартан хортуоппуйу хомуйдулар.
Маны тэҥэ 9644 туонна аһаҕас груҥҥа үүнэр оҕуруот аһын хомуйдулар, хаһыҥҥа ылларбатылар. Ол курдук, 4414 туонна хаппыыста, 1743 туонна моркуоп, 1681 туонна сүбүөкүлэ, 1804 туонна атын оҕуруот аһа хомуллан, таараланан бүттэ.
Хаартыскаҕа: Бөтүҥ нэһилиэгэр Сивцев Михаил Петрович хаһаайыстыбатыгар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: