Аммаҕа буолбут «Дьулуур» адаптивнай успуорт көрүҥнэрин спартакиадатыгар 24 улуустан кэлэн кыттан бардылар.
Кинилэр ортолоругар 92-с хаарыгар үктэммит Нам олохтооҕо Егор Петров баар. Кини үгүс дьоҥҥо киһи санаата бэйэтиттэн тутулуктааҕын, 90 сааскын лаппа ааһан да баран, олоҕу саҥалыы көрөн, онтон дуоһуйууну ылыахха сөп эбит толкуйга аҕалла. Нам улууһуттан кэлбит 70-рын ааспыт бэтэрээннэр бэйэ-бэйэлэрин «бу уол» диэн ыҥырсалларын истэн, олорор хосторугар киирэн кэлбитим.
Ытык кырдьаҕас иллэҥ кэмигэр бэртээхэй тус дьарыктаах эбит. Ол туһунан Егор Иванович бу курдук кэпсиир:
Ытык кырдьаҕас Егор Петров спартакиадаҕа гроссмейстеры кытта киирсэн соһутта. Бу туһунан спартакиада кэмигэр «92 саастаах кырдьаҕас гроссмейстеры кытта кииристэ» диэн саайтка суруйбут матырыйаалбын бэрт үгүс киһи сэргээн көрбүт этэ.
Атын күрэхтэһиилэри көрөн, кыттааччылартан интервью ылан, бүтэн баран иһэн биир көрүдүөргэ бэрт элбэх киһи турарын көрөн интэриэһиргээн тиийбитим. Егор Иванович күрэхтэһии кэнниттэн баран хаалбакка, түмүгүн истээри олорор эбит. Көр, сэбиэскэй кэм дьоно диэх курдук, түмүктэрин истэн, дьыалаларын силигин ситэрэн бараары олороллор этэ.
Дьэ, итинник киһи киэн туттар дьонноро, биһиги ытык кырдьаҕастарбыт!
Боксер Василий Егоров "Вызов Севера" күрэхтэһиигэ кыайыытынан спортивнай карьератын түмүктээтэ. Кини бу туһунан бэйэтин тус…
Дьон аһыыр сирин арыйан биисинэс тэринии өрүү харчыны киллэрэр. Бүтэһик сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ дьоппуон, кытай, узбекистан,…
Дьокуускайдааҕы суол-тырааныспар сулууспатын телеграм-ханаалыгар маршрутнай оптуобустар үлэлэрин хонтуруоллуур суһал лииньийэҕэ биир күн устата киирбит ыйытыылары…
Аҕыйах хонуктааҕыта Майа сэл. олохтооҕо, “СӨ ОДьКХ” ГУП Мэҥэ Хаҥаластааҕы филиалын тутаах үлэһитэ Иннокентий Неустроев…
Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруоруу туһунан "Пожары Якутии: спасаем лес во имя будущего" диэн документальнай…
Хоту арктическай улуустары аһынан-табаарынан хааччыйыы биир тирээн турар сорук буолар. Сайынын уу суолунан таһаҕас тиэммит…