Нам эмчиттэрэ биир дойдулаахтарыгар көмөлөһөллөр
Нам улууһун сиригэр-уотугар тахсыбыт халаан содулун туоратарга мэдиссиинэ үлэһиттэрин өйөбүллэрэ олус наадалаах.
Нам улууһун оройуоннааҕы киин балыыһатын үлэһиттэрэ “А” гепатиты утары быһыыны биэриилэрэ, халааҥҥа түбэспит дьон доруобуйатын уопсай туругун бэрэбиэркэлииллэрэ салҕанар.
Кинилэр тус идэлэринэн сэргэ, гуманитарнай көмө пуунугар үлэлииллэр. Соторутааҕыта кылаабынай быраас салайааччылаах эр дьоннор биригээдэлэрэ Хатырык сэлиэнньэтигэр тиийэн, 3 ыалга тиэргэни ыраастыырга, дьиэни куурдуу үлэтигэр кытыннылар. Ону таһынан, Маймаҕа нэһилиэгин биэлсэрин үлэтигэр көмөлөстүлэр, субуотунньук тэрийдилэр. Балыыһа идэлээх Сойууһун чилиэннэрэ бэрэссэдээтэллэрин кытары Хатарыкка быстах олорор пууҥҥа киирбит дьоҥҥо ас астыырга эмиэ көмөлөстүлэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: