Салгыы
“Нам” эрэгийиэннээҕи суолга халаан кэнниттэн чөлүгэр түһэрэр үлэлэр түмүктэнэн эрэллэр

“Нам” эрэгийиэннээҕи суолга халаан кэнниттэн чөлүгэр түһэрэр үлэлэр түмүктэнэн эрэллэр

17.09.2024, 17:25
Хаартыска: Мария Васильева, СИА
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 17 күнүгэр “Нам” өрөспүүбүлүкэтээҕи суолу халаан кэнниттэн чөлүгэр түһэриини Айсен Николаев бэрэбиэркэлээтэ. Алтынньы саҕаланыытыгар тутар-таҥар үлэлэри түмүктүүргэ соруйда.

Өлүөнэ өрүскэ  сааскы халаан кэмигэр эрэгийиэн суолун хас да учаастага алдьаммыта. Айсен Николаев Хатырык уонна Маймаҕа сэлиэнньэлэр икки ардыларынааҕы ордук эмсэҕэлээбит учаастакка сырытта.

Манна суол  118 килэмиэтиригэр тиэхиньиичэскэй өттүнэн уларытыылары киллэрдилэр. Кэлин уу хааччаҕа суох ааһарын туһугар ууну аһардар 2 миэтэрэ 48 погоннай миэтэрэ диаметрдаах турбалары уурдулар. Урут кыра соҕус тимир-бетон турбалааҕа уонна мас муосталааҕа. Оттон арыый тэйиччи 119 км 1,5 миэтэрэ диаметрдах гофрированнай турба ууруллубута.

Сааскы халаан муниципальнай суоллары эмиэ алдьаппыта. Алтынньы ыйга диэри Харыйалаах —  Сыаганнаах, Кыһыл Сыыр – Ымыйахтаах суолларга үлэ барыаҕа. Граф биэрэгэр тиийэр суолу чөлүгэр түһэрэллэр, ону тэҥэ 2 Хомустаах, Хатырык, Модут, Бөтүҥ, Хатыҥ Арыы, Үөдэй уулусса-суол ситимэ.

“Куттала суох хачыстыбалаах суоллар” национальнай бырайыак чэрчитинэн хас да учаастакка өрөмүөн торумнаммыта. Чуолаан, Хамаҕатта уонна Нам сэлиэнньэлэр икки ардыларыгар 4 килэмиэтир учаастак аспаал-бетон бүрүөһүнүн уларыталлар, Маймаҕаттан Түбэҕэ диэри уон килэмиэтир усталаах суол оҥоһуллар.

Өрөспүүбүлүкэ тырааныспарка уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирэ Владимир Сивцев этэринэн, 2025 сылтан 2028 сылга диэри Нам улууһугар нацбырайыагынан 43 км суол өрөмүөннэниэ.

Санаттахха, Нам улууһугар халаантан 16 нэһилиэк эмсэҕэлээбитэ. Олорор дьиэлэр, тырааныспар уонна дьиэ-уот хомунаалынай инфраструктурата, уотунан хааччыллыы, тыа хаһаайыстыбата, үөрэх уонна доруобуйа харыстабылын эбийиэктэрэ эмсэҕээлээбиттэрэ.

Судаарыстыбаннай былаас толоруулаах уорганнара олохтоох салайыныы уорганнарын кытта күн аайы субуотунньуктары тэрийбиттэрэ.

Бары эмсэҕэлээбит дьон эрэгийиэн көрүҥнээх ыксаллаах быһыы-майгы түмүгэр төлөбүрү ылбыттара, бу кээмэйэ Айсен Николаев сорудаҕынан биэс төгүл үрдэтиллибитэ. Ол курдук, материальнай көмө биир киһиэхэ кээмэйэ 5-тэн 10 тыһыынча солкуобайга диэри улааппыта, баайы-дуолу олоччу сүтэрии иһин үбүнэн көмө – 20-тэн 100 тыһыынча солкуобайга диэри, быстах сүтэриигэ – 10-тан 50 тыһыынчаҕа диэри.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: