Нам Хатаһыгар саҥа амбулатория аһылынна
Бүгүн, от ыйын 12 күнүгэр, Нам оройуонун Хатас сэлиэнньэтигэр саҥа амбулатория дьиэтин үөрүүлээх аһыллыыта буолла.
Эбийиэк санитарнай быраабылалар уонна нуормалар сүрүн ирдэбиллэригэр сөп түбэһиннэрэн, симиэнэҕэ 15 киһи сылдьарга суоттаммыт.
«Манна ыарыһахтарга биэлсэр, быраас, быһыы туруорар уонна процедурнай кэбиниэттэр баар буоллулар, ону тэҥэ 2 балаата, суукканы быһа үлэлиир 2 куойка миэстэлээх стационар аһылынна, туалет уонна душтанар хостордоох, буфеттаах. Хосторунан бары наадалаах миэбэлинэн уонна оборудованиенан хааччылыннылар. Стационарга суукканы быһа үлэлиир сиэстэрэ постаах, эмтиэкэ үлэлиир», — диэн Нам киинин кылаабынай бырааһа Ариан Сергеев кэпсээтэ.
Олохтоохтор этэллэринэн, бу саҥа амбулатория көмөтүнэн нэһилиэнньэ үрдүк хаачыстыбалаах мэдиссиинэ көмөтө оҥоһуллуоҕа. Саҥа мэдиссиинэ эбийиэгэ «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагынан оҥоһулунна. Билигин манна терапевт-быраасвт, участактааҕы быраас, биэлсэр уонна постовой мэдииссинэ сиэстэрэртэ үлэлииллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: