Салгыы
Нам II Хомустааҕар Кыайыы күнүгэр саллаат хааһытын буһардылар

Нам II Хомустааҕар Кыайыы күнүгэр саллаат хааһытын буһардылар

09.05.2024, 15:00
Бөлөххө киир:

Улуу Кыайыы  79 сылын  Нам улууһун II Хомустаах нэһилиэгэр олус сэргэхтик, үрдүк таһымнаахтык көрүстүлэр. Ол курдук, нэһилиэк дьоно-сэргэтэ сэлэлии хааман, саллаат хааһытын буһаран, тыыл бэтэрээннэрин уонна сэрии сылларын оҕолорун эҕэрдэлээтилэр.

Бу туһунан нэһилиэк баһылыга Лев Новгородов санаатын үллэһиннэ:

— Нэһилиэкпитигэр сыл ахсын Улуу Кыайыы күнүн үрдүк таһымнаахтык бэлиэтиибит. Нэһилиэкпитигэр биэс тыыл бэтэрээнэ уонна сэрии сылын оҕолоро олороллор. Нэһилиэкпит параадын кэнниттэн «Күөх уот» диэн аҕам саастаахтарбытыгар көрсүһүүнү тэрийдибит. Манна аҕам саастаахтарбыт атах тэпсэн олорон ирэ-хоро сэлэһэн, чэйдээн, бэркэ сэргэхсийэн тарҕастылар. Маны сэргэ бэтэрээннэрбитигэр уонна сэрии сылларын оҕолоругар нэһилиэкпит тутаах тэрилтэлэрин кэллэктииптэрин кытта бородуукта нобуордарын оҥорон туттардыбыт. Нэһилиэкпитигэр полевой куукунаны тэрийэн итии чэй, саллаат хааһытын буһаран нэһилиэк дьонугар-сэргэтигэр бырааһынньык тыынын киллэрдибит.

+1
9
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
8 октября
  • -1°C
  • Ощущается: -4°Влажность: 93% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: