Улуу Кыайыы 79 сылын Нам улууһун II Хомустаах нэһилиэгэр олус сэргэхтик, үрдүк таһымнаахтык көрүстүлэр. Ол курдук, нэһилиэк дьоно-сэргэтэ сэлэлии хааман, саллаат хааһытын буһаран, тыыл бэтэрээннэрин уонна сэрии сылларын оҕолорун эҕэрдэлээтилэр.
Бу туһунан нэһилиэк баһылыга Лев Новгородов санаатын үллэһиннэ:
— Нэһилиэкпитигэр сыл ахсын Улуу Кыайыы күнүн үрдүк таһымнаахтык бэлиэтиибит. Нэһилиэкпитигэр биэс тыыл бэтэрээнэ уонна сэрии сылын оҕолоро олороллор. Нэһилиэкпит параадын кэнниттэн «Күөх уот» диэн аҕам саастаахтарбытыгар көрсүһүүнү тэрийдибит. Манна аҕам саастаахтарбыт атах тэпсэн олорон ирэ-хоро сэлэһэн, чэйдээн, бэркэ сэргэхсийэн тарҕастылар. Маны сэргэ бэтэрээннэрбитигэр уонна сэрии сылларын оҕолоругар нэһилиэкпит тутаах тэрилтэлэрин кэллэктииптэрин кытта бородуукта нобуордарын оҥорон туттардыбыт. Нэһилиэкпитигэр полевой куукунаны тэрийэн итии чэй, саллаат хааһытын буһаран нэһилиэк дьонугар-сэргэтигэр бырааһынньык тыынын киллэрдибит.
Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…
Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…
Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ. -…
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…