Нам кырдьаҕастарыгар устудьуоннар үөрүүнү бэлэхтээн бардылар

Share

М.К.Аммосов аатынан ХИФУ 17-с уопсайын  актыбыыстарын сэбиэтин волонтердара Нам улууһун Нам сэлиэнньэтин кырдьаҕастарыгар «Үтүө санаа» аахсыйатын тэрийдилэр.

Үтүө дьыала туһунан Ленскэй нэһилиэгин бэтэрээннэрин сэбиэтин салайааччыта Вера Попова маннык кэпсиир:

Оҕолор биһиги биир дойдулаахпыт Максим Аммосов төрөөбүтэ 125 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээн, эҕэрдэ кэнсиэри эрдэттэн былааннаабыттар. Ол тэрээһиннэрин иннинэ Нам сэлиэнньэтин кырдьаҕастарыгар туох үлэ баарынан көмөлөһөргө санаммыттар. Кинилэр «Үтүө санаа» аахсыйатын тэрийээри улуустааҕы гимназия иитэр үлэҕэ дириэктэрин солбуйааччы Егор Протопоповка уонна тэрийээччи Вероника Сивцеваҕа тахсыбыттар. Кинилэр миигиттэн бэтэрээннэр төлөпүөннэрин нүөмэрин ылан, ким туох үлэлээҕин туоһуласпыттара. Онтон устудьуоннар бөлөҕүнэн арахсан, 10 биэнсийэлээх уонна инбэлиит кырдьаҕаска тиийэн көмөлөстүлэр.

Ол курдук, дьиэ өһүөтүн тиийэн сууйдулар, кимиэхэ муус киллэрэн биэрдилэр, кимиэхэ тэлгэһэ хаарын күртүлэр.  

Киэһэтин устудьуон оҕолор бэртээхэй кэнсиэри көрөдөрөн, кырдьаҕастар санааларын көтөхтүлэр, үөрүүнү бэлэхтээтилэр.

«Өрүү бу курдук кырдьаҕас дьону өйөөн, үөрдэ сылдьыҥ!» диэн оҕолорбутугар махтал тылларын аныыбыт. 

Хаартыскалар В.В. Попова тиксэриилэрэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев Олоҥхо күнүнэн эҕэрдэтэ

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Эһигини Олоҥхо күнүнэн ис сүрэхпиттэн истиҥник эҕэрдэлиибин! Олоҥхо – өбүгэбит кэриэс…

49 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: итирик уруулга олоруу тохтообот

Өрөспүүбүлүкэҕэ суукка иһигэр 5 буруйу оҥоруу түбэлтэтэ бэлиэтэннэ, олорунан процессуальнай бэрэбиэркэ ыытыллар уонна холуобунай дьыалалар…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн — Олоҥхо күнэ

Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо күнэ бэлиэтэнэр. Олоҥхо саха омук былыр-былыргы дьыллар быыстарыттан…

2 часа ago
  • Быһылаан

Мииринэйгэ суол кытыытыттан эр киһи өлүгүн буллулар

Сэтинньи 23 күнүгэр Мииринэй оройуоннааҕы полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар Надежнайга баар "Вилюй" гостиница таһыгар суол…

3 часа ago
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга 43 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа

Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, сорох улуустарга 43 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа диэн УГМС иһитиннэрэр. Киин, соҕуруу,…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Саха Саарына Сааба»

Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…

15 часов ago