Нам олохтоохторугар көмө кэлэ турар

Share

Быйылгы халаан уутугар эмсэҕэлээбит дьоммутугар көмө кэлэ турара киһини үөрдэр, инникигэ кынаттыыр.

Граф Биэрэгин олохтооҕо, Намнааҕы техникум үлэһитэ, доруобуйатынан хааччахтаах соҕотох ийэҕэ Мария Румянцеваҕа «СтандартЭко» ХЭТ салайааччыта Сергей Протопопов 50 тыһыынча солкуобайы биэрдэ.

«СтандартЭко» ХЭТ салайааччыта Сергей Протопопов Хамаҕаттаттан төрүттээх. Кини тэрилтэтэ 2014 сыллаахтан тэриллэн айылҕа харыстабылыгар сыһыаннаах бырайыактары, былааннары, сыанабыллары оҥорор. Сүрүннээн Саха сиригэр сир баайын хостуур тэрилтэлэргэ тулалыыр эйгэҕэ сабыдыалын, хоромньутун ааҕыынан дьарыктанар.

Сергей Николаевич бу иэдээҥҥэ түбэспит биир дойдулаахтарбар көмөлөстөххө табыллар диэн санааттан, көмөтүн өрө ууммут. Маны таһынан Бөтүҥтэн төрүттээх тэрилтэтин үлэһитин дьонугар көмөлөстүлэр.

Көмөнү туппут Граф Биэрэгин олохтооҕо Мария Михайловна олус диэн махтанар. «СтандартЭко» тэрилтэҕэ үүнүүнү-сайдыыны, үлэһиттэригэр этэҥҥэ буолууну, дьолу-соргуну баҕаран туран, дириҥ махталын тиэрдэр.

«Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата

Recent Posts

  • Интервью
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Петр Иванов: “Сүрүн сорук – эрэллээхтик уотунан хааччыйыы”

Энэргиэтиктэр күннэринэн быйыл тэриллибиттэрэ 60 сылын туолбут “Якутскэнерго” ПАУо  Киин элэктэриичэскэй ситимнэрин салайааччыта Петр Гаврильевич…

26 минут ago
  • Сонуннар

Ил Дархан Айсен Николаев Энэргиэтик күнүнэн эҕэрдэлиир

Убаастабыллаах Саха сирин олохтоохторо, энэргэтиичэскэй комплекс үлэһиттэрэ уонна бэтэрээннэрэ! Эһиги үрдүк таһымнаах үлэҕит, эппиэтинэскит, бэриниилээх…

41 минута ago
  • Быһылаан
  • Сүрүн

Дьокуускайга оҕолор гаастан үгээрдээтилэр

Дьокуускайга чааһынай дьиэҕэ 17, 11 уонна 9 саастаах оҕолор ититии систиэмэтиттэн тахсар гаастан үгээрдээбиттэр. Борокуратуура…

54 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өймөкөөн улууһугар халаантан эмсэҕэлээбит ыаллар саҥа дьиэ күлүүһүн туттулар

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун салалтата быйыл алдьатыылаах халаан кэнниттэн эмсэҕэлээбит нэһилиэктэринэн сылдьан, чөлүгэр түһэрии үлэтин…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бу күннэргэ Саха сирэ аан дойду үрдүнэн саамай тымныы сиринэн буолла

Бу күннэргэ Саха сирэ аан дойду үрдүнэн саамай тымныы сиринэн буола сырытта. Бу туһунан РФ…

2 часа ago
  • Сүрүн

Биллиилээх бэлиитик Виктор Губарев олохтон туораата

Бүгүн, ахсынньы 22 күнүгэр, биллиилээх бэлиитик уонна уопсастыбаннай диэйэтэл Виктор Губарев олохтон туораабытын туһунан Ил…

2 часа ago