Нам оройуонугар халаантан эмсэҕэлээбит 70 тахса дьиэ кэргэн саҥа дьиэ ылыаҕа
Нам оройуонугар сааскы халаантан сылтаан дьиэтэ суох хаалбыт 75 дьиэ кэргэн саҥа дьиэни ылыаҕа.
Бу туһунан Саха сирин премьерэ Кирилл Бычков көһө сылдьар мунньахха иһитиннэрдэ. Чуолаан, 20 ыал саҥа дьиэни туттууга, 55 – олорор дьиэни атыылаһыыга үбү.
Бүгүҥҥү туругунан, халаантан эмсэҕэлээбит нэһилиэктэргэ олорор дьиэлэри тутуу салҕанар. 4 дьиэни хайы-үйэ туттарбыттар, өссө 15 сотору кэминэн тутуута түмүктэниэҕэ. Дьиэ-уот бэдэрээтчиттэр суоттарыгар тутуллар, тутуу хампаанньаларыгар үбү толуйуохтара.
Ону тэҥэ дьиэлэргэ өрөмүөн ыытыллар. 476-тан 84 дьиэ өрөмүөнэ түмүктэннэ, 199-ка өссө да ыытылла турар. 193 ыал өрөмүөнү саҕалаары харчыларын күүтэллэр.
Кини иһитиннэрбитинэн, Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев саҥа дьиэлэри тутууга уонна хамсаабат баайын-дуолун олоччу сүтэрбиттэргэ олорор дьиэни атыылаһыыга, ону тэҥэ сорҕото эмсэҕэлээбит дьиэлээхтэргэ хапытаалынайдык өрөмүөннэниигэ РФ саппаас пуондатыттан үбү биэрэр туһунан дуогабардаста.
“Нам оройуонугар сааскы халаантан эмсэҕэлээбит социальнай эбийиэктэри уонна дьиэлэри чөлүгэр түһэриигэ сүҥкэн үлэ ыытылынна. Ситэ кыалла илик боппуруостары салгыы силигин ситэриэхпит. Барыта чопчу буолуохтаах. Ылыммыт эбэһээтэлистибэтин өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбата толоруоҕа”, — диэтэ Кирилл Бычков.
Санатан эттэххэ, Нам оройуонугар халаантан 16 нэһилиэнньэлээх пуун эмсэҕэлээбитэ. Бары эмсҕэлээбиттэр эрэгийиэн таһымнаах ыксаллаах быһыы-магы эрэсииминэн төлөбүрү ылбыттара, ол кээмэйин Айсен Николаев сорудаҕынан биэс төгүл үрдэтиллибитэ. Ол курдук, биир киһиэхэ материальнай көмө кээмэйэ 5-тэн 10 тыһыынча солкуобайга диэри үрдээбитэ, баайы-дуолу олоччу сүтэрии иһин үбүнэн көмө – 20-тэн 100 тыһыынчаҕа диэри, сороҕун сүтэриигэ – 10-тан 50 тыһыынчаҕа диэри.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: