Нам саллаатын мала көһүннэ
Аныгы сыыппара үйэтигэр куйаар ситимин эйгэтэ туһалааҕын көрдөрдө диэн Нам улууһун дьаһалтатын саайтыгар суруллар.
Ол курдук, намнарга соторутааҕыта умнуллубат түгэн буолбут. Улуустааҕы дьаһалта пресс-сулууспата ону бу курдук сырдатар.
Ол курдук, Беларусь Өрөспүүбүлүкэтин Витебскэй уобалаһын Новополоцк куоратыгар саллаат тутта сылдьыбыт билээгэтэ (флягата) көһүннэ. Историяны үөрэтии түмүгүнэн, саллаат Нам улууһун Үөдэйиттэн төрүттээх Тимофей Прокопьевич Ядреев буолар. Кини уоттаах сэриигэ 1941 сыллаахха ыҥырыллан барбыт. «Хорсунун иһин», «1941-45 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Германияны ылыы иһин» мэтээллэринэн наҕараадаламмыт.
Бу көстүбүт мал туһунан иһитиннэриини Новополоцк куорат 2 №-дээх оскуола Бойобуой албан аат түмэлин пуондатын кылаабынай харайааччыта Ксения Антонова Намнааҕы киин бибилэтиэкэ ТГ-ханаалыгар биллэрбит. Бибилэтиэкэттэн чопчулаабыттарынан, Нам улууһун бибилэтиэкэтин «Солдаты Победы: Славные сыны земли Намской» диэн электроннай ресурстарын көрөннөр онно ыыппыттар. Ол курдук, онно этиллибитинэн, биир үөрэнээччи убайын кытта балыктыы сылдьан булбуттар.
Олунньу 21 күнүгэр улуустааҕы киин модельнай бибилэтиэкэҕэ умнуллубат бэлиэ түгэн буолла. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Үөдэй нэһилиэгин салалтата, үөрэнээччилэрэ, Беларусь Өрөспүүбүлүкэтин Новополоцк куоратын орто оскуолатын учууталлара, үөрэнээччилэрэ кыттыыны ыллылар.
Үөрүүлээх быһыыга-майгыга Тимофей Ядреев туттубут флягатын төрөөбүт дойдутугар – Үөдэй нэһилиэгэр Ийэ албан аатын музейыгар туттардылар. Улуу Кыайыы эһиил үбүлүөйдээх 80 сылыгар сөп түбэһиннэрэ, олус үрдүк суолталаах түгэн буолбутун мустубут дьон бэлиэтээтилэр.
Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!
«Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата
Хаартыска Нам улууһун дьаһалтатын саайтыттан
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: