Салгыы
Нам сэлиэнньэтигэр икки киһи өлбүт баһаарын төрүөтэ быһаарыллар

Нам сэлиэнньэтигэр икки киһи өлбүт баһаарын төрүөтэ быһаарыллар

Ааптар:
10.01.2025, 08:30
Хаартыска: Саха сиринээҕи Силиэстийэлиир Кэмитиэтин пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

2025 сыл тохсунньу 6 күнүгэр киэһэ Саха сиринээҕи Силиэстийэлиир кэмитиэтигэр  Нам сэлиэнньэтигэр чааһынай дьиэҕэ баһаар умуруоруллубутун кэннэ эр киһи уонна дьахтар өлүгэ булуллубутун туһунан иһитиннэрии киирбит.

Бу чахчынан процессуальнай бэрэбиэркэ тэрилиннэ, быһылаан миэстэтигэр Саха сиринээҕи Силиэстийэлиир кэмитиэтин отделын үлэһиттэрэ, суһал сулууспалар таҕыстылар. Быһылаан буолбут сириттэн уот турбут төрүөтүн үөскүүрүгэр улахан суолталаах эттик булуллан ылыллыбыт. Барыллаан чахчыларынан, дьиэ хаһаайката 1961 сыллааҕы, оттон эр киһи 1985 сыллааҕы төрүөхтэр. Киһини өлөрүү бэлиэлэрэ суох. Сөптөөх эспэртииһэлэр ананнылар. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн процессуальнай быһаарыы ылыллыаҕа. Бу туһунан Саха сиринээҕи Силиэстийэлиир кэмитиэтин пресс-сулууспата суруйар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
12
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
10 января
  • -28°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: