«Нам» суолун учаастага түөрт балаһаланна
Дьокуускай куорат сиригэр-уотугар киирсэр, “Нам” массыына суолун учаастага биир сыл иннинэ үлэҕэ киллэрилиннэ. Суолу өрөмүөннээһин үлэтэ 2021 сылтан саҕаламмыта.
Бүгүн, алтынньы 7 күнүгэр, “Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар” национальнай бырайыак көмөтүнэн саҥардыллыбыт түөрт балаһалаах суол үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев эҕэрдэ тылыгар:
«Федеральнай бүддьүөт өйөбүлүнэн суолу тутааччыларбыт бу учаастагы болдьоҕун иннинэ бүтэрдилэр. Саха сиригэр кэнники сылларга 500-түү килэмиэтирдээх муниципальнай, эрэгийиэннээҕи уонна федеральнай суоллар тутуллаллара дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит “Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар” национальнай бырайыага олус туһалаахтык үлэлиирин көрдөрөр”, — диэтэ.
Кини 7 килэмиэтиртэн ордук уһуннаах учаастак өрөспүүбүлүкэтээҕи иккис тиэхиньиичэскэй суоллар ирдэбиллэригэр эппиэттиир бастакы учаастагынан буолбутун бэлиэтээтэ. Ил Дархан суол тутуутугар улахан кылааттарын киллэрбит суол үлэһиттэригэр наҕараадалары туттарда.
Үөрүүлээх түгэҥҥэ Суол федеральнай агентствотын (Росавтодор) салайааччытын солбуйааччы Игорь Костюченко суолу тутааччыларга национальнай бырайыагы олоххо киллэриигэ кылааттарын иһин махтанна уонна өрөспүүбүлүкэ, дойду сайдарыгар саҥаттан саҥа ситиһиилэри баҕарда.
Бу учаастакка саҥардыы үлэтэ ыытыллан, суолу түөрт балаһалаан кэҥэттилэр, суол 14,5 миэтэрэ кэтиттээх буолла. Массыына суолун саҥардыы үлэтигэр ону таһынан светофордары туруоруу, сатыы киһи хаамар сирин, оптуобус тохтобулларын, суол бэлиэлэрин, уу барар сирин оҥоруу, уоту тардыы киирэллэр.
“Нам” массыына суолун атын учаастактарын саҥардыы үлэлэрэ 2024 сылга диэри салҕаныахтара. 2023 сылга Марха бөһүөлэк стелатыттан бөһүөлэктэн тахсыахха диэри суолу саҥардыы саҕаланыаҕа. Инникитин Үс Хатыҥтан тахсар суолу Сыырдаахха диэри саҥардыы, Кангаласс бөһүөлэгэр киирэр суолу олохтоохтук өрөмүөннээһин киирэллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: