Нам Түбэтигэр «Үрүҥ уолан» төрүт многоборье күрэһэ буолла

Нам Түбэтигэр «Үрүҥ уолан» төрүт многоборье күрэһэ буолла

Ааптар:
27.03.2024, 20:18
Бөлөххө киир:

Кулун тутар 26 күнүгэр Нам улууһун Түбэтигэр улахан кылаас оҕолоругар төрүт многоборьеҕа «Үрүҥ уолан» күрэс буолла. Бу күрэстэн бэйэтин кэмигэр Намтан төрүттээх «Дыгын оонньууларын» бөҕөстөрө тахсыбыттара. Быйылгы бириис пуондата – 300 тыһ. солк. Турнир СӨ үөрэҕириитин туйгуна Петр ПОПОВ сырдык кэриэһигэр уон тохсус төгүлүн ыытылынна.

Быйылгы кыайыылааҕынан Д.П. Коркин аатынан Чурапчытааҕы спортивнай оскуола бэрэсидьиэнэ, Төлөйтөн төрүттээх Петр Попов таҕыста. Киниэхэ саха быһаҕын уонна 50 тыһ. солк. туттардылар.

«Мин многоборьенан дьарыктаммытын балтараа сыл буолла. Инникитин улахан сыалым – “Дыгын оонньууларыгар” кыттыы, ол туһугар күн аайы эрчиллэрбин», — диэтэ кыайыылаах.

Иккис миэстэни Нам Түбэтиттэн Милан Чепалов ылла уонна 30 тыһ. солк. наҕараадаланна, боруонса мэтээли Дьокуускайтан Саха гимназиятын үөрэнээччитэ Айаал Слепцов ылла, кини 20 тыһ. солк. бирииһи тутта. Ону таһынан кэлэн кыттыбыт уолаттар номинация, спонсордартан анал бириис ыллылар.

Быйыл Дьокуускайтан, Чурапчыттан, Амматтан, Намтан, Мэҥэ Хаҥаластан 22 күүстээх уол кытынна. Уолаттар биэс көрүҥҥэ кииристилэр: үс куобах, тутум эргиир, хапсаҕай, мас тардыһыы, кууллаах сүүрүү.


Күрэһи Успуорт министиэристибэтин, Б.Манчаары аатынан “Модун” национальнай успуорт көрүҥнэрин киинин, многоборье федерациятын, чааһынай спонсордар өйөбүллэринэн Түбэ нэһилиэгин дьаһалтата, Түбэ орто оскуолата, Петр Попов дьиэ кэргэнэ сыл аайы ыыталлар.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -30°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 69% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: