Бүгүн куорат, улуус, нэһилиэк тупсаҕай көстүүлээх эйгэтин тупсарыыга ыытыллыбыт «Эйгэ» архитектура бириэмийэтин чэрчитинэн ыытыллыбыт үлэ уопутун атастаһар аһаҕас кэпсэтии былаһааккатыгар кэккэ улуус баһылыга кыттыыны ылла.
Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов СӨ Аҕа баһылыгын иһинэн үлэлиир архитектура уонна тутуу управлениетын кытта бииргэ үлэлээһиннэрин үтүө түмүгүн бүгүҥҥү санаа атастаһар былаһаакаҕа билиһиннэрдэ.
Кэрэхсэбиллээҕэ баар, баһылык билиһиннэрбитинэн, кэлиҥҥи сылларга куораттыы моһуоннаахтык сайда турар улууска элбэх саҥа тутуулары барытын биир кэлимник былааннаан оҥорон эрэллэр эбит.
— Улахан эбийиэктэри тутан эрэ кэбиһиинэн дуоһуйбакка, тутуллубут эбийиэктэри турар миэстэлэринэн биир ситим оҥоруу соруга турар.
Ол курдук, элбэх бырайыактан биири холобурдаатахха, «Үс ситим» кластер — Нам улууһун киинин биир улахан түөлбэтэ. Бу Доруобуйа уонна социальнай харысхал түмүллэр киинэ.
Ол эбэтэр улууска доруобуйа харыстабылыгар уонна социальнай өҥөнү оҥорууга маннык тупсаҕай көстүүлээх кластеры ситимнээһин үлэ хаачыстыбатын тупсарыаҕа. Түөлбэҕэ киин балыыһа, кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэрэ, саастарын ситэ илик оҕолор социальнай-реабилитационнай кииннэрэ бааллар. Бу тэрилтэлэрбитин биир ситимнээн, анал бырагыраамаларга олоҕуран, тупсарыы эйгэтигэр үгүс үлэни ыытар былааннаахпыт, — диэн санаатын үллэһиннэ улуус баһылыга Юрий Слепцов.
Нам улууһун салалтата федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи куонкурустарга көхтөөхтүк кыттар эбит. Ол курдук, «Хаачыстыбалаах куораттыы эйгэни олохтооһун», «Олохтоох көҕүлээһини өйөөһүн», «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн», «2019-2025 сылларга саахалланар туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү» бырагыраамаларга, «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» уонна «Демография» национальнай бырайыактарга кыттыы — улуус дьаһалтатын сүрүн соруга. Бу маннык чопчу былааннары туруоран, улахан бырайыактары олоххо киллэрэр буолан, улууска сайдыы саҕахтара аһыллан иһэр буоллахтара.
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…