Нам улууһа Үөһээ Бүлүү олохтоохторугар гуманитарнай көмө оҥордо
Бу күннэргэ ойуур баһаарын бохсо сылдьар Үөһээ Бүлүү олохтоохторугар өрөспүүбүлүкэ улуустара көмө, өйөбүл буолаллар.
Ол курдук, «Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, улуус баһылыгын солбуйааччы Филипп Николаев, гражданскай оборона ыксаллаах быһыы-майгы салайааччыта Николай Монастырев Үөһээ Бүлүүгэ тиийэн Нам улууһун дьаһалтатын уонна олохтоохторун ааттарыттан Үөһээ Бүлүү улууһугар турбут ойуур баһаардарын умуруорууга үлэлии сылдьар дьоҥҥо суһал көмөнү: харчынан 102 700 солк., ойуур баһаарын утары охсуһарга туһалаах маллары, тэриллэри, гуманитарнай көмөнү улуус баһылыгар Валерий Николаевка туттардылар.
Быйыл саас Үөһээ Бүлүү олохтоохторун уонна дьаһалтатын аатыттан Нам улууһугар халаан уутуттан эмсэҕэлээбит нэһилиэнньэлээх пууннар олохтоохторугар икки массыына гуманитарнай көмөнү аҕалан туттарбыттара. Онон намнар махталларын биллэрэн, аны Үөһээ Бүлүү улууһугар көмөлөһөллөр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: