Нам улууһугар биэс нэһилиэккэ баһылыктарын талаллар
Бүгүн, балаҕан ыйын 8 күнүгэр, Нам улууһугар сарсыарда 08:00 чаастан быыбар хамыыһыйалара үлэлэрин саҕалаатылар
Бүгүн олохтоохтор биэс муниципальнай тэриллиигэ — Хатырыктааҕы, Искратааҕы, Таастаахтааҕы, 1-кы Хомустаахтааҕы, Хатыҥ Арыытааҕы быыбардыыр учаастактарга нэһилиэктэр баһылыктарын уоннаҮөдэйдээҕи 1 №-дээх быыбардыыр уокурукка улуус Дьокутааттарын сэбиэтигэр дьокутааты куоластаан талыахтара.
Учаастактааҕы хамыыһыйалар сарсыарда 8 чаастан киэһэ 20 чааска диэри үлэлиэхтэрэ.
«Атырдьах ыйын 28 күнүттэн балаҕан ыйын 7 күнүгэр диэри Хатырык, Искра, Таастаах, 1 Хомустаах, Хатыҥ Арыы быыбардааччылара быыбардыыр учаастактарыгар болдьох иннинэ нэһилиэктэрин баһылыгын, Үөдэйдээҕи 1№-дээх быыбардыыр уокурукка улуус Дьокутааттарын сэбиэтигэр дьокутааты талан куоластаабыттара. Бары быыбардыыр учаастактарга кэтээн көрөөччүлэр сокуон кэһиллиитэ тахсыбатын хонтуруоллууллар, видеофиксация үлэлиир«, — диэн «Нам улууһа” МТ пресс-сулууспата улуус дьаһалтатын телеграм-ханаалыгар суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: