Муус устар 10 күнүгэр «Нам улууһа» МТ салалтатын көҕүлээһининэн аан бастаан сонун сүүрээн — Архитектура күнэ ыытылынна.
Тэрээһиҥҥэ СӨ кылаабынай архитектора Любовь Папок уонна СӨ «LETO» куорат эйгэтин боппуруостарыгар Компетенция киинин салайааччыта Ирина Маркина салайар алта киһилээх бөлөҕө кыттыыны ылла. Бу суолталаах күнү «Нам улууһа» МТ кылаабынай архитектора Анна-Мария Степанова тэрийдэ.
Архитектура эйгэтин салайааччылара Хатырыкка уонна Аппааныга «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» федеральнай бырайыак сүүмэрдээһинин ааспыт, дьон-сэргэ сынньанарыгар, оҕолор оонньуулларыгар, успуордунан дьарыктаналларыгар анаан оҥоһуллан, билигин олоххо киирэн турар «Өрөспүүбүлүкэ» уонна «Мавра күөлэ» искибиэрдэри кытта билистилэр. Хатырыкка быйыл олунньуга үлэҕэ киирбит, 2,5 тыһ. кв.м иэннээх успуорт уонна култуура киинигэр, М.К. Аммосов аатынан СӨ Судаарыстыбаннаһын устуоруйатын түмэлигэр сырыттылар.
Нам улууһун сайдыытыгар туһуламмыт «төгүрүк остуолга» кылаабынай архитектор Анна-Мария Степанова дьон хаамарыгар, бэлисэпиэти тэбэригэр анаан ыллыктар, дьон дуоһуйа хатааһылыырыгар скейт-былаһааккалар, доруобуйаны чэбдигирдэргэ, успуордунан дьарыктанарга воркаут-зоналар, оҕо оонньуур, олохтоохтор сынньанар, атах тэпсэн олорон сэһэргэһэр былаһааккалара уонна искибиэрдэрэ тутуллар былааннарын билиһиннэрдэ.
Нам сэлиэнньэтигэр Кыайыы болуоссатын уларытан, тупсаран оҥоруу тула кэпсэтии барда. Маныаха оскуола оҕолоро болуоссаты хайдах көрөллөрүн бэйэлэрэ оҥорон көрдөрдүлэр, кэпсээтилэр.
1 Хомустаах, Ленскэй, Үөдэй, Хатыҥ Арыы нэһилиэктэр баһылыктара нэһилиэктэригэр саҥардан, уларытан, тупсаран оҥоруу үлэтин түмүгэр тутуллубут былаһааккалары, искибиэри билиһиннэрдилэр. Баһылыктар анал бырагырааманан быйыл нэһилиэктэригэр тупсаран оҥоруу, дьон-сэргэ дуоһуйа сынньанар искибиэрэ тутуутун үлэтэ саҕаланыахтааҕын хаартыскаларынан экраҥҥа көрдөрө туран кэпсээтилэр. Модут нэһилиэгин баһылыга Ефим Гоголев тэрээһин туһунан санаатын маннык үллэһиннэ:
Нэһилиэк баһылыктара үлэлэригэр элбэх сонун сүүрээни, туһалааҕы билбиттэрин этэн туран, тэрээһин тэрийээччилэригэр истиҥ махталларын тиэртилэр, салгыы бииргэ үлэлэһэр былааннаахтарын биллэрдилэр.
Киин куораттан кэлбит архитектордар улуус баһылыга Юрий Слепцов Нам улууһугар тутуу уонна тупсаран оҥоруу боппуруостарыгар улахан болҕомтону уурарын анаан бэлиэтээтилэр уонна улуус нэһилиэктэрэ сайдыы суолунан чиҥник хардыылаан, тупсарыыга олохтоохтук ылсыбыт тэтимнэрин аны да ыһыктыбаттарыгар сүбэлээтилэр.
Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата дьаһалта телеграм-ханаалыгар сырдатта.
Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…
Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…
Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…
Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…
Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…