Нам улууһугар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаан үлэ дьаарбаҥкатын тэрийдилэр
Бүгүн, сэтинньи 14 күнүгэр, Нам улууһун дьарыктаах буолуу киинигэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр үлэ дьаарбаҥкатын тэрийэн ыытта.
Бу сылга үһүс төгүлүн ыытылынна диэн Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. Киин иниспиэктэрэ Сергей Абрамов иһитиннэрбитинэн, уопсайа байыаннай дьайыы 6 кыттыылааҕа учуокка турбутуттан, үһэ үлэ булан үлэлии сылдьаллар. Үс киһи дьарыктаах буолуу киинин нөҥүө анал үөрэҕи ылан үлэлээн эрэллэр. Ону таһынан икки байыаннай дьайыы кыттыылааҕын кэргэттэрэ учуокка турбуттарыттан, биирэ анал үөрэҕи ааһан үлэлии сылдьар, иккиһэ бэйэ дьыалатын арыммыт.
Билиҥҥи туругунан, учуокка биир байыас уонна дьиэ кэргэнин чилиэнэ тураллар. Дьарыктаах буолуу киинэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр ураты болҕомтону уурар. Улуус тэрилтэлэринэн муҥурдаммакка, бырамыысыланнай тэрилтэлэри кытта ыкса сибээстэһэн, ханна баҕаралларынан үөрэххэ ыытан, байыас үлэҕэ киириэр диэри сүрүннүүллэр.
Дьаарбаҥкаҕа улуустааҕы социальнай харалта управлениета, Намнааҕы клиентскэй сулууспа, «Намкоммунтеплоэнерго» АО, «Якутлесресурс» Намнааҕы филиала, «Аҕа дойду көмүскээччилэрэ» пуонда Намнааҕы филиала, И.Е. Винокуров аатынан Намнааҕы педколледж, улуустааҕы киин балыыһа тэрилтэлэрэ кыттыыны ыллылар. Бу курдук, Намнааҕы дьарыктаах буолуу киинэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин үлэнэн хааччыйыыга, онно сөптөөх үөрэҕи баһылыылларыгар туһуланар үлэни салгыы ыытар
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: