Нам улууһугар өрөспүүбүлүкэтээҕи бэлисипэдиистэр бастакы сүлүөтэ буолла
Нам улууһугар атырдьах ыйын 29-30 күннэригэр бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи бэлисипэдиистэр сүлүөтэ киэҥ бырагыраамалаах ыытылынна.
Тэрээһин сүрүн сыалынан өрөспүүбүлүкэ саҥа атаҕар туран эрэр бэлисипэдиистэрин хамсааһыннарын (успуорт, туризм) сайдар суолун торумнааһын буолла. Саамай улахан 10 киһилээх дэлэгээссийэ, Чурапчыттан “Дьулуур” бэлисипэдиистэрэ кулууптара кэлэн көхтөөх кыттыыны ылла. Кинилэр истэригэр саамай аҕа саастаах кыттааччы, 76 саастаах бэтээрээн Анатолий Сивцев кытынна. Сүлүөт олус интэриэһинэйдик, киэҥ ис хоһоонноохтук ыытылынна. Тэрээһин биир ситиһиитинэн Нам улууһун «Намвел» кулууба уонна Чурапчы улууһун «Дьулуур» түмсүүлэрэ бииргэ үлэлээһин сөбүлэҥэр илии баттаһыылара буолла. Сүлүөт түмүгүнэн өрөсөлүүссүйэ ылыныллан, бэлисипиэд хамсааһыннарын сайдыытыгар бастакы олук оҥоһулунна.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: