Нам улууһугар өрөспүүбүлүкэтээҕи бэлисипэдиистэр бастакы сүлүөтэ буолла

Share

Нам улууһугар атырдьах ыйын 29-30 күннэригэр бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи бэлисипэдиистэр сүлүөтэ киэҥ бырагыраамалаах ыытылынна.

Сүлүөккэ Саха сирин бары биллэр бэлисипэдиистэрэ, бэлисипиэд успуордун спортсменнара уонна туристара кыттыыны ыллылар. Ол курдук, СӨ бэлисипэдиистэрин уопсастабыннай кулууптара, түмсүүлэрэ – Намтан «Намвел» бэлиспиэд кулууба, Чурапчыттан «Дьулуур» түмсүү, Дьокуускайтан «ВелОса» түмсүү, Уус Алдан бэлисипэдиистэрин бөлөҕө, «Дьокуускай куорат бэлисипэдиистэрэ» түмсүү, уопсайа 6 бэлисипиэд кулууба айаннаан кэллэ. Бу туһунан «Спорт Нам» ТГ-ханаала суруйар.

Хаартыска: «Спорт Нам» ТГ-ханаала

Тэрээһин сүрүн сыалынан  өрөспүүбүлүкэ саҥа атаҕар туран эрэр бэлисипэдиистэрин хамсааһыннарын (успуорт, туризм) сайдар суолун торумнааһын буолла.  Саамай улахан 10 киһилээх дэлэгээссийэ, Чурапчыттан “Дьулуур” бэлисипэдиистэрэ кулууптара кэлэн көхтөөх кыттыыны ылла. Кинилэр истэригэр саамай аҕа саастаах кыттааччы, 76 саастаах бэтээрээн Анатолий Сивцев кытынна. Сүлүөт олус интэриэһинэйдик, киэҥ ис хоһоонноохтук ыытылынна. Тэрээһин биир ситиһиитинэн Нам улууһун «Намвел»  кулууба уонна Чурапчы улууһун «Дьулуур» түмсүүлэрэ бииргэ үлэлээһин сөбүлэҥэр илии баттаһыылара буолла. Сүлүөт түмүгүнэн өрөсөлүүссүйэ ылыныллан, бэлисипиэд хамсааһыннарын сайдыытыгар бастакы олук оҥоһулунна.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Харыйата  буолан ааста

Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата.…

51 минута ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт

Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт. Санаттахха,  суһал офтальмологическай көмө киинигэр 30 саастаах кыыс…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Аан дойду абсолютнай чөмпүйүөнэ эдэр мадьыныга хоттордо

Баһылай Манчаары аатынан "Модун" успуорт национальнай көрүҥнэрин киинигэр Федор Дегтярев аатынан СӨ мас-рестлиҥҥэ абсолютнай чөмпүйэнээт…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

“Биисинэс-Экспо” быыстапка – урбаанньыт сулустаах чааһа

Урбаанньыттары уонна бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччы дьону түмэр "Биисинэс-Экспо” быыстапка сылтан сыл аайы ыытар үлэтэ киэҥ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан харыйата — 10 бастыҥ үөрэнээччи

Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, Саха сирин бриллиантовай циркэтигэр 20-с төгүлүн  өрөспүүбүлүкэҕэ баһылык харыйата буолла. Айсен…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Көхтөөх Күндээдэҕэ

Ньурба улууһугар Күндээдэ биир улахан, көхтөөх нэһилиэк. Манна 700-тэн тахса киһи олорор. Федеральнай суол Бүлүү…

3 часа ago