Нам улууһугар бэтэрээннэр спартакиадалара саҕаланна

Share

Бэҕэһээ, бэс ыйын 10 күнүгэр, самаан сайыны көрсө, Искра нэһилиэгэр Нам улууһун хоту нэһилиэктэрин бэтэрээннэрин  XXVI сайыҥҥы спартакиадата саҕаланна.

Спартакиада үтүө үгэскэ кубулуйан 26-с төгүлүн икки күн  ыытыллар диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Күрэхтэһии чөл олоҕу көҕүлүүр, спортивнай маастарыстыбаны үрдэтэр, саастаах дьон спордунан дьарыктанар усулуобуйаларын тэрийэр сыаллаах-соруктаах.

Бастакы күн аҕам саастаах спортсменнар мохсуоҕа, эстафетаҕа, корнхолга, рогатканан ытыыга, нэһилиэктэр аҕа баһылыктара оҕунан ытыыга күрэхтэһэллэр.

Спартакиада иккис күнүгэр бэтэрээннэри спорт 4 көрүҥэр күрэхтэһии күүтэр: оҕунан ытыы, көрдөөх старт, ытыы (абсолютнай), Искра абсолютката.

Спартакиада үөрүүлээх аһыллыытыгар эҕэрдэ тыллары эттилэр: “Нам улууһа” МТ баһылыгын солбуйааччы Филипп Николаев, улуус физическэй культураҕа уонна спорка управлениетын начальнига Павел Иванов, “Искра нэһилиэгэ” МТ баһылыга Мотрена Дьяконова, улуус бэтэрээннэрин сэбиэтин председателэ Софья Кобякова, хоту нэһилиэктэр бэтэрээннэрин  спартакиадатын салайааччыта Роман Марков.

«Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

АЛРОСА төрүт норуоттар нэһилиэстибэлэрин харыстааһыҥҥа көмөлөһөр

АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын  кытары хардарыта бииргэ…

5 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ судаарыстбаннай тэрилтэлэрин үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын үлэтин сыаналаата

Ил Дархан Айсен Николаевы кытта көрсүһүүгэ судаарыстыбаннай тэрилтэлэр уонна уопсастыбаннай хааччыйыы үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын биэс…

30 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Горнай улууһун Бэс Күөлүгэр отчуокка үгүс киһи санаатын үллэһиннэ

Бу күннэргэ улуустарга баһылыктар отчуоттара саҕаланнылар. Бэҕэһээ Горнай улууһун салалтата Солоҕон уонна Мытаах, бүгүн Бэс…

55 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Кыайыы знамята» Алдан улууһугар тиийдэ

Бүгүн, тохсунньу 15 күнүгэр, Уус Маайа улууһа "Кыайыы знамята" өрөспүүбүлүкэтээҕи эстэпиэтэни Алдан улууһугар туттарда. "Кыайыы…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Тиэхиньикэни тиэрдии былаана толорулунна

Саха сирэ "Патриотическай" ТОР федеральнай бырагыраама иитинэн 2024 сылга тиэхиньикэни тиэрдии былаанын толордо. Ол курдук,…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Маҕаһыынтан сугун атыылаһан сиэн баран гепатитынан ыалдьыбыттар

Нидерландыга 12 киһи улахан супермаркеттан тоҥ сугуну атыылаһан сиэн баран А гепатитынан ыалдьыбыт. Дойду уопсастыбаннай…

2 часа ago