Салгыы
Нам улууһугар быһахтаах, саалаах дьон сынньана кэлбит дьиэ кэргэҥҥэ саба түстэ

Нам улууһугар быһахтаах, саалаах дьон сынньана кэлбит дьиэ кэргэҥҥэ саба түстэ

04.08.2023, 16:54
Хаартыска: PxHere
Бөлөххө киир:

Нам улууһугар саалаах, быһахтаах дьон сынньана сылдьар дьиэ кэргэҥҥэ саба түспүттэрин туһунан социальнай ситимнэргэ тарҕанна. Sakhapress.ru саайт суруйарынан, от ыйын 30  түүнүгэр Нам улууһун полициятын дьуһуурунай чааһыгар үҥсүү киирбит.

Ол курдук, Өлүөнэ биэрэгэр, Ымыйахтаахтан чугас сиргэ, эр киһи кэлэн 25 саастаах эдэр киһини кырбаабыт, саанан ытыалаан дьону куттаабыт. Быһылаан тахсыбыт сиригэр суһал-силиэстийэлиир бөлөх тиийбит. Онно биллибитинэн, 39 саастаах Нам улууһун олохтооҕо уонна сынньана сылдьар дьон икки ардыгар тыл-тылга киирсибэккэ кыыһырсыы саҕаламмыт. Онуоха дойдулаах киһи саатынан салгыны ытыалаабыт, ону таһынан дьону кырбаабыт. Быһылаан тахсыбыт сириттэн 12 калибрдаах бултуур саа былдьаныллыбыт.

Арассыыйа Федерациятын холуобунай кодексатын 213 ыст. 2 ч. Нам улууһун ИДьМ силиэстийэлиир салаата холуобунай дьыаланы тэрийбит.  Силиэстийэ кэмигэр быһылаан быһыыта-майгыта барыта быһаарыллыаҕа диэн ИДьМ пресс-сулууспатыгар иһитиннэрбиттэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -33°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: