Нам улууһугар чөл олоҕу тарҕатыы өрөспүүбүлүкэтээҕи пуорума буолан ааста
Бэҕэһээ, сэтинньи 29 күнүгэр, Нам улууһугар М.К. Аммосов аатынан Култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһыгар «Территория трезвости-2024» өрөспүүбүлүкэтээҕи пуорум буолан ааста. Пуорум өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин ортотугар чөл олоҕу тарҕатыы сыаллаах ыытылынна диэн Нам улууһун дьаһалтата иһитиннэрэр.
Пуорумҥа өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай уонна муниципальнай үлэһиттэрэ, уопсастыбаннас актыбыыстара, доруобай, чөл олоҕу тарҕатааччылар, о.д.а кытыннылар. Ону тэҥэ Москваттан, Сочиттан, Красноярскайтан, Забайкальскай кыраайтан уонна Иркутскай уобаластан исписэлиистэр кытыннылар.
Дойду киин эрэгийиэннэриттэн кэлбит уонна өрөспүүбүлкэтээҕи исписэлиистэр чөл олоҕу тутуһуу тиэмэтигэр лиэксийэлэри аахтылар уонна уопуттарын атастастылар.
«Нам улууһа» муниципальнай тэриллии баһылыгын солбуйааччыта Юрий Дьяконов – «Антиалкогольные меры и трезвенническое просвещение в Намском районе: этапы и результаты», РАН ХО Биологическай кыһалҕаларга институтун старшай научнай үлэһитэ, социологическай наука хандьыдаата Юрий Жегусов «Алкоголизация как деструктивный социальный процесс», «Нечаянная Радость» СГОО исписэлииһэ, Сочи куорат Уопсастыбаннай балаататын эспиэрэ, куһаҕан дьаллыктары сэрэтэр уонна сиэр-майгы иитиитин исписэлииһэ Алена Столичная «Основы профилактической деятельности среди разных категорий населения» тиэмэлэргэ дакылаат аахтылар.
Күн иккис аҥаарыттан испислиистэр уонна эспиэрдэр тэрилтэлэринэн сылдьан туспа бырагырааманан үлэлээтилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: