Нам улууһугар «Дьиэ кэргэнинэн сүүрүү» сэргэх тэрээһин буолла

Нам улууһугар «Дьиэ кэргэнинэн сүүрүү» сэргэх тэрээһин буолла

Ааптар:
09.09.2024, 09:00
Хаартыкса: видеоттан скрин
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 8 күнүгэр Нам сэлиэнньэтин «Эҥсиэли» стадионугар улуустааҕы «Дьиэ кэргэнинэн сүүрүү» тэрээһин буолан ааста.

Тэрээһин Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Сиригэр Оҕо саас, Нам улууһугар Оҕо успуордун сылларыгар ананна.  Ленскэй нэһилиэгиттэн, Хатыҥ Арыыттан, Партизантан, Салбаҥтан, Хамаҕаттан дьиэ кэргэттэр мустаннар көхтөөхтүк кытыннылар диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Хас биирдии кыттааччы мэтээлинэн уонна туоһу суругунан наҕараадаланна, ону сэргэ анал номинациялар ананнылар. Ол курдук, «Саамай эдэр кыттааччы» номинация — Хатыҥ Арыыттан Семенова Сиянаҕа, «Саамай аҕа саастаах кыттааччы» — Партизантан 67 саастаах Григорьев Аркадий Николаевичка, «Саамай улахан дьиэ кэргэн» — Ленскэй нэһилиэгиттэн Азаровтар дьиэ кэргэттэригэр, «Саамай айымньылаах дьиэ кэргэн» — Салбаҥтан Винокуровтар дьиэ кэргэттэригэр иҥэрилиннэ. Анал аат кыайыылаахтарыгар 5 тыһ. солк. суумалаах сэртипикээттэри туттардылар, сыаналаах бириистэринэн бэлиэтээтилэр.

Бу курдук улуус көхтөөх дьиэ кэргэттэрэ өрөбүл күнү туһалаахтык атаардылар. Сүүрүү бырааһынньыга дьиэ кэргэн бары араҥатын түмэн, бэртээхэй сынньалаҥ буолан ааста.

Видео: улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: