Нам улууһугар өрөспүүбүлүкэ выпускниктара түмсүөхтэрэ

Share

Бу күннэргэ «Саха сирин выпускниктара” өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ Альберт Соров салайааччылаах бөлөх Нам улууһугар суолталаах боппуруостары быһаарсан барда.

Оробуочай бөлөх Нам улууһун баһылыгын солбуйааччы Юрий Дьяконовы, оройуон дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Алексей Винокуровы кытта выпусниктар бэстибээллэрин ыытыы боппуруоһун ырытта. Мунньахха улуустааҕы успуорт уонна физическэй култуура управлениетын салайааччыта Павел Иванов кыттыыны ылла.

Нам улууһун дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Алексей Винокуров тэрээһин мунньах туһунан маннык билиһиннэрдэ:

Бу бэстибээл улуус таһымыгар аан бастаан ыытыллар. Нам улууһа киин куораттан чугас буолан, маннык улахан тэрээһини ыытарга табыгастаах. 1979-1994 сылларга өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын бүтэрбит дьон (1 тыһыынча киһи кэлэрэ сабаҕаланар) култуура уонна успуорт бэстибээлин тэрийиэхтэрэ. Бу күннэргэ суолталаах тэрээһин ыытыллыахтаах сирин быһаарса сылдьабыт. Намҥа бэйэтигэп ыһыахтыыр түһүлгэҕэ ыытыахпытын, сирэ-уота киэҥэ бэрт. Онон биир эмэ чөкө нэһилиэги таларбыт буолуо. Ардах түһэр кэмигэр спортивнай саалалардаахпыт, култуура дыбарыастаахпыт. Былаан быһыытынан айылҕаҕа ыытыахпытын баҕарабыт. Быһа холуйан, бэстибээли атырдьах ыйыгар ыытарга былааннытыбыт.

Онон быйыл Нам сирэ өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан уонна куораттарыттан араас көлүөнэ выпускниктары түмүөҕэ.

What’s your Reaction?
+1
18
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

9 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

10 часов ago