Улууска өрөмүөн үлэлэрэ номнуо саҕаланнылар.
Улууска ууттан эмсэҕэлээбит суоллар сорох учаастактарыгар үлэ саҕаланна. «Дьокуускайтан эбии тиэхиньикэ кэлэн нэһилиэнньэлээх пууннарынан тарҕатыллыбыттара. Ону сэргэ 10 туонна ГСМ — 5 туонна дизельнэй уматыгы уонна 5 туонна АИ- 92, биэс тыһыынча куул мөһөөччүгү туппуппут «, – диэн улуус баһылыга Юрий Слепцов иһитиннэрдэ. Маны таһынан, олохтоох салалталар халаан уутуттан эмсэҕэлээбит нэһилиэнньэҕэ итии аһылык тэриллибитин иһитиннэрэллэр.
Саха сирин тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистири солбуйааччы Семен Коркин «Нам» суолун 102- с км тырааныспар сырыыта хааччыллыбытын итиэннэ Нам суолун 113-с км диэри уу таһымын кэтиир үлэ, мониторинг ыытылларын дакылааттаата. «Хатырык сэлиэнньэтигэр диэри сырыыны хааччыйыы боппуруоһун быһаарабыт«, — диэтэ кини.
Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева эппитинэн, Нам улууһугар көмөҕө СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин өрөспүүбүлүкэтээҕи катастрофа мэдиссиинэтин биригээдэтэ ыытыллыбыт. Нам сэлиэнньэтигэр мобильнай мэдиссиинэ пууна тэриллибит. Миэдиктэр Хатырыкка көмөлөһөргө уонна ханнык баҕарар нэһилиэнньэлээх пууҥҥа барарга бэлэмнэр.
Маны сэргэ, Нам оройуоннааҕы киин балыыһатыгар нэһилиэнньэҕэ көмөлөһөр туһуттан саппаас куойкалары бэлэмнээбиттэр, быстах кэмнээх мэдиссиинэ пууннарын 1 уонна 2 Хомустаахха (оскуолаҕа), Аппааныга уонна Хамаҕаттаҕа (КСК) уонна Арбыҥҥа (култуура дьиэтигэр) тэрийбиттэр. Модукка КАМАЗ-ка баар көһө сылдьар мэдиссиинэ комплекса, быраастар биригээдэлэрэ ыытыллыбыт.
СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников халаан кэмигэр докумуоннарын сүтэрбит дьоҥҥо көмөлөһүү үлэтин суһаллык тэрийэллэригэр соруйда. Маныаха Дьокуускайтан «Мин докумуоннарым» киин үлэһиттэрэ тиийэллэр.
Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3399591 мана ааҕыҥ.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Хаартыскалар: СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатыттан
Дьокуускайга биир тэрилтэ үлэһиттэригэр хамнастарын төлөөбөккө, 21 мөл.солк. тахса иэскэ киирбит. Сөптөөх кэмигэр 33 үлэһит…
Олоҥхо киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт чулуу айымньыларынан билиниллибитэ номнуо 20-чэ сыл ааста. Ол…
Бу сыл сэтинньиттэн 10 тыһ. тахса сурутааччылаах блог уонна канаал бас билээччилэрэ Роскомнадзорга бэлиэтэниэхтээхтэр (регистарция).…
«Мой бизнес» кииҥҥэ «Папа-предприниматель» үөрэтэр грант түмүгүн таһаардылар. Кыайыылааҕынан Дьокуускай куораттан түөрт оҕо аҕата, ювелирнай…
Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, Өлүөнэ өрүскэ кыһыҥҥы бастакы суол аһылынна. Хатас-Павловскай хайысханан айан-сырыы көҥүллэммитин туһунан…
Хас да сыллаах үөрэтии, архыып докумуоннарын хасыһыы түмүгэр, Үгүлээт нэһилиэгин туһунан аан-бастаан сурукка киирбит, ол…