Нам улууһугар икки отонньут тыаҕа сүппүт
Икки киһи, эр киһи уонна дьахтар, сүппүттэрин туһунан иһитиннэрии бэҕэһээ балаҕан ыйын 11 күнүгэр киэһэ 20:10 чааска Нам оройуонун 1-кы Хомустаах 112 нүөмэригэр киирбит.
Бу туһунан Саха сиринээҕи Быыһыыр сулууспатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Хомустаах сэлиэнньэтиттэн 10-15 км тэйиччи Акычай диэн сиргэ 7 киһи буолан киэһэ 16.00 чаас саҕана отоннуу тахсыбыттар. Икки киһи, эр киһи уонна дьахтар, тыаҕа биир хайысханан отонуу тахсыбыттар уонна киэһэ 20.00 чааска диэри төннүбэтэхтэр. Атын биэс отонньуттар хатааһыннаах массыына аттыгар күүппүттэр, кэлин 112 нүөмэргэ эрийбиттэр.
Нэһилиэк баһылыга 4 киһилээх бөлөҕү мунньан, түүн 3 чааска диэри көрдүүр үлэлэри ыыппыттар уонна сүппүт дьону булбатахтар. Бу сарсыарда 7.00 чааска тыаҕа муммут отонньуттар бэйэлэрэ суолга таҕыспыттар диэн иһитиннэрии нэһилиэктэр баһылыгын суһал дьуһуурунайыгар киирбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: