Бүгүн, ыам ыйын 30 күнүгэр, Нам улууһугар ититии сезона түмүктэннэ.
Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, «Намкоммунтеплоэнерго» АО тэрилтэтэ кыстыгы этэҥҥэ туораан, сайыҥҥы сезон саҕаламмытынан аны күһүҥҥэ диэри киин ититии ситимин араарда. Бу тэрээһин үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыытыллара үгэскэ кубулуйда.
«Нам улууһа» МТ дьаһалтатын пресс-сулууспатын видеоҕа устуута
— Быйыл хаһааҥҥытааҕар да тыйыс тымныы кыһын буолан ааста. Ол эрээри олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба үлэһиттэрэ эппиэтинэстээх, идэлэригэр бэриниилээх буолан, кытаанах тургутууну этэҥҥэ аастыбыт. Инникитин даҕаны бу таһыммытын ыһыктыбакка биир санааҕа кэлэн, түмсүүлээхтик үлэлиэҕиҥ, — диэн санаатын тиэртэ тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылбыт улуус баһылыга Юрий Слепцов.
«Намкоммунтеплоэнерго» кылаабынай инженерэ Евтропий Тихонов уонна тэрилтэ идэлээх сойууһун салайааччыта Сергей Кокарев «сайыҥҥы өрөмүөнү хаачыстыбалаахтык ыытан, аны күһүҥҥэ диэри бэлэм буолуохпут, кыстык эрдэ саҕаланыа» диэн санааларын үллэһиннилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: