Нам улууһугар ититии сезона түмүктэннэ

Share

Бүгүн, ыам ыйын 30 күнүгэр, Нам улууһугар ититии сезона түмүктэннэ.

Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, «Намкоммунтеплоэнерго» АО тэрилтэтэ кыстыгы этэҥҥэ туораан, сайыҥҥы сезон саҕаламмытынан аны күһүҥҥэ диэри киин ититии ситимин араарда. Бу тэрээһин үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыытыллара үгэскэ кубулуйда.

«Нам улууһа» МТ дьаһалтатын пресс-сулууспатын  видеоҕа устуута

— Быйыл хаһааҥҥытааҕар да тыйыс тымныы кыһын буолан ааста. Ол эрээри олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба үлэһиттэрэ эппиэтинэстээх, идэлэригэр бэриниилээх буолан, кытаанах тургутууну этэҥҥэ аастыбыт. Инникитин даҕаны бу таһыммытын ыһыктыбакка биир санааҕа кэлэн, түмсүүлээхтик үлэлиэҕиҥ, — диэн санаатын тиэртэ  тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылбыт улуус баһылыга Юрий Слепцов.

«Намкоммунтеплоэнерго» кылаабынай инженерэ Евтропий Тихонов уонна тэрилтэ идэлээх сойууһун салайааччыта  Сергей Кокарев «сайыҥҥы өрөмүөнү хаачыстыбалаахтык ыытан, аны күһүҥҥэ диэри бэлэм буолуохпут, кыстык эрдэ саҕаланыа» диэн санааларын үллэһиннилэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

6 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

9 часов ago