Салгыы
Нам улууһугар култуура уонна успуорт сүлүөтэ ыччаты түмтэ

Нам улууһугар култуура уонна успуорт сүлүөтэ ыччаты түмтэ

Ааптар:
18.08.2023, 19:00
Хаартыска: Ө Ыччат уонна социальнай коммуникацияларга министиэристибэтэ
Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйын 17 күнүгэр Нам улууһун Хатырык нэһилиэгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи култуура уонна успуорт сүлүөтүн куонкуруһун түһүмэҕин аһыллыыта буолан ааста. Бу тэрээһин Максим Кирович Аммосов аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи көһө сылдьар Куубак чэрчитинэн ыытылынна.

Сүлүөккэ Амма, Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас хамаандалара кытыннылар. Ону тэҥэ Нам улууһуттан 6 нэһилиэк кытынна: Ымыйахтаах, Ленскэй, Хамаҕатта, Хатырык, Хатыҥ – Арыы уонна Хомустаах хамаандалара кэлэн кытыннылар. Уопсайа сүлүөккэ 200- тэн тахса киһи кыттар.

Тэрээһиҥҥэ СӨ Ыччат уонна социальнай коммуникацияларга миниистири бастакы солбуйааччы Надежда Мохначевская ыччаты өйөөтө, эҕэрдэлээтэ. Бастакы күҥҥэ хамаанданы билиһиннэрии уонна “Слава Отчизне, Россия моя!” ырыа күрэҕэ аастылар.

Атырдьах ыйын 18 күнүгэр ыччат сүлүөтүн үөрүүлээх аһыллыыта буолар. Кыттыылаахтары араас тэрээһиннэр күүтэллэр: успуорт күрэхтэрэ, үөрэтэр семинардар, ыччаты кытта сирэй кэпсэтии, биллиилээх дьону кытта көрсүһүү, доҕордоһуу киэһэтэ уо.д.а.

Эльдар Садовников

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
28 ноября
  • -23°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: