Нам улууһугар кусчуттар күрэхтэрэ булчуттары кэрэхсэттэ

Share

Бу күннэргэ эр дьоҥҥо саамай күүтүүлээх кэм — булт сезонун үгэнэ. 

Сотору кэминэн Улуу Кыайыы күнүгэр ытык кырдьаҕастарбытыгар нэһилиэк аайы бастакы куһу амсатан үөрдүөхтэрэ. Улуустарга сааскы булка сыһыаннаах араас тэрээһиннэр буола тураллар. Биир маннык кэрэхсэбиллээх — Нам улууһун кусчуттарыгар ыытыллыбыт булт күрэҕин туһунан суруналыыс Ньургуйаана Романова кэпсээтэ:

Улууска сааскы кусчуттарга маҥнайгы улуустааҕы күрэх ыытылынна. Тэрээһин  бэрт тыҥааһыннаах буолла. Бастакы көҕөнү ытаары араас нэһилиэктэн мэҥиэ кустаах 60 киһи кытынна. Ол эрээри, күрэх балаһыанньатынан көҕөнү таһынан, эбии чөккөйү ытан ылбыт киһи кыайыылаах тахсыахтаах. Кыайыылааҕы быһаарыы эр бэрдэрэ куһу ытан ылбыт бириэмэлэринэн бигэргэннэ.

Күрэх түмүгүнэн икки куһу бастакынан ытан ылбыт Антон Попов кыайыылааҕынан таҕыста. Киниэхэ булчуттар көһө сылдьар Кубоктарын уонна туртаска лицензия туттардылар.

Хаартыскаҕа Антон Попов ортоку турар. 

Булчут Юрий Сивцев хас да көрүҥүнэн «саҥаран» куһу бэйэтигэр тардар үс мэҥиэ куһунан кытынна. 

Уопсайа алта байанайдаах кусчут бириистээх миэстэҕэ тиксэн, илии тутаардаах, өттүк харалаах тарҕастылар.

Суруналыыс бу сонунугар эбии «Саха» НКИХ  биэриитигэр бэйэтэ бэлэмнээн оҥорбут матырыйаалын ыытта.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

2 часа ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

5 часов ago