Нам улууһугар оҕо успуордун киинэ үлэтин саҕалаата

Share

Нам улууһугар оҕо маассабай успуордун сайыннарар сыалтан Намнааҕы үөрэх управлениетын иһинэн 2024 сыл балаҕан ыйын 17 күнүгэр улуустааҕы Оҕо успуордун киинэ тэриллибитэ.

Дириэктэринэн бу иннинэ Хамаҕаттатааҕы “Олимпик” спортоскуола дириэктэрниэн үлэлээбит Юрий Балаганскай анаммыта. Киин сүрүн сыалынан РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2030 сылга диэри дойду көхтөөх нэһилиэнньэтин 70%-на, СӨ Ил Дархана Айсен Николаев – оҕо 70%-на физическэй култууранан уонна успуордунан дьарыктанарын ситиһиэхтээхпит диэн дьаһалларын олоххо киллэрии буолар диэн Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Билиҥҥи туругунан, Нам улууһугар 4320 үөрэнээччи баарыттан, 32,9%-на успуордунан дьарыктанар. «Нам улууһа» МТ баһылыга Юрий Слепцов 2027 сылга диэри оҕо 50%-нын маассабай успуордунан хабар туһунан дьаһала тахсыбыта.

Саҥа тэриллибит киин үлэтин биир хайысхатынан уһуйааннартан саҕалаан, успуорт араас көрүҥнэринэн, тэрээһиннэринэн хабан, талааннаах оҕолору сүүмэрдээн, кинилэр дьоҕурдарын сайыннарыы буолар. Иккис үлэ көрүҥүнэн нэһилиэктэринэн сылдьан ГТО-ну тутан, дааннайдар баазаларын оҥоруохтара. Маны сэргэ ханнык нэһилиэккэ ханнык успуорт көрүҥэ сайдыан сөбүн олохтоох дьаһалталары, үөрэх тэрилтэлэрин кытта сүбэлэһиэхтэрэ. Бу күннэргэ Нам улууһун оҕо успуордун киинин ураты бэлиэтэ бигэргэннэ.

Оҕо успуордун киинэ 4 үлэһиттээх. Киин Хамаҕатта «Эрчим» спортсаалатыгар баазаланан үлэлиир. Алтынньы саҥатыгар бастакы улахан тэрээһиннэрин, улуустааҕы «Игры предков» национальнай көрүҥнэргэ спортивнай оонньууну, ыыттылар. Күрэх түмүгүнэн 4 оҕону (2 уол, 2 кыыс) сүүмэрдээн, өрөспүүбүлүкэҕэ бэлэмнэнэллэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга 15-с №-дээх оскуолаҕа миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрбиттэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай куорат 15-с №-дээх оскуолатыгар миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрии киирбит. Бу…

22 минуты ago
  • Сонуннар

Ситэриилээх былаас кэлэр сыллааҕы отчуотугар бэлэмнэнэни саҕаланна

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов бүгүн Үөһээ Бүлүү уонна Чурапчы улуустарын баһылыктарын, ону…

43 минуты ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Таиланд уонна Филиппины боксердара Дьокуускайга кэллилэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай аэропордугар Таилантан уонна Филиппиныттан кэлбит боксердары көрүстүлэр. Спортсменнар ахсынньы 14…

1 час ago
  • Бэрээдэк

Усуйаана олохтооҕо светильнигинэн кырбаан киһини өлөрбүт

Усуйаана улууһун 50 саастаах олохтооҕо билэр киһитин тимир светильнигинэн кырбаан өлөрбүт. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Искусственнай интеллект эйгэтигэр анаммыт тэрээһин үлэтин саҕалаата

Ил Дархан Айсен Николаев  “Искусственнай интеллект эйгэтигэр айан” норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ кыттыыны ылла. Суолталаах тэрээһиҥҥэ…

2 часа ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга «Руслан» маҕаһыын умайда

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускайга "Руслан" тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна саппаас чаастары атыылыыр маҕаһыын умайда.…

2 часа ago