Салгыы
Нам улууһугар оҕуруот аһын үүннэрэр хаһаайыстыбаларга көмө харчы көрүллүөҕэ

Нам улууһугар оҕуруот аһын үүннэрэр хаһаайыстыбаларга көмө харчы көрүллүөҕэ

02.05.2024, 20:00
Хаартыска -- "Нам улууһа" МТ пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Нам улууһугар оҕуруот аһын уонна хортуоппуй үүннэриитинэн дьарыктанар бааһынай хаһаайыстыбалар субсидия (көмө харчы) ылыахтара.

Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениета иһитиннэрбитинэн, быйыл 2024 сылга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн  оҕуруот аһын уонна хортуоппуйу үүннэриинэн дьарыктанар бааһынай хаһаайыстыбаларга уопсайа улууска 13 090 000 солкуобай көмө харчы көрүллүбүт.

Бүгүн, ыам ыйын 2 күнүгэр, улуус баһылыгын солбуйааччы Филипп Николаев салайааччылаах анал хамыыһыйа оҕуруот аһын уонна хортуоппуйу үүннэриинэн дьарыктанар хаһаайыстыбаларга субсидия биэрии боппуруоһун  көрдүлэр.

10 киһилээх хамыыһыйа быһаарыытынан улуус үрдүнэн көмөнү 19 хаһаайыстыба ылар буолла.

1 га сиргэ  хортуоппуйу үүннэриигэ субсидия  суумата — 35 000 солк, 1 га сиргэ  оҕуруот аһын үүннэриигэ —
45 000 солкуобай.

Нэһилиэктэринэн арааран, 1-кы Хомустаахтан – 2, Үөдэйтэн– 2, Партизантан – 3, Хамаҕаттаттан– 1, Хатыҥ Арыыттан – 3, Бөтүҥтэн – 5, Модуттан – 3 бааһынай хаһаайыстыба көмө харчы ылыахтара.
2024 сылга былаан быһыытынан улуус үрдүнэн 63 га сиргэ оҕуруот аһа уонна 293 га сиргэ хортуоппуй олордуллуоҕа.

Бу туһунан «Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата улуустааҕы дьаһалта телеграм-ханаалыгар иһитиннэрдэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -32°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: