Бу күннэргэ Нам улууһугар оҕуруот аһын уонна хортуоппуй үүннэриитинэн дьарыктанар бааһынай хаһаайыстыбалар субсидия (көмө харчы) ылыахтара.
Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениета иһитиннэрбитинэн, быйыл 2024 сылга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн оҕуруот аһын уонна хортуоппуйу үүннэриинэн дьарыктанар бааһынай хаһаайыстыбаларга уопсайа улууска 13 090 000 солкуобай көмө харчы көрүллүбүт.
Бүгүн, ыам ыйын 2 күнүгэр, улуус баһылыгын солбуйааччы Филипп Николаев салайааччылаах анал хамыыһыйа оҕуруот аһын уонна хортуоппуйу үүннэриинэн дьарыктанар хаһаайыстыбаларга субсидия биэрии боппуруоһун көрдүлэр.
10 киһилээх хамыыһыйа быһаарыытынан улуус үрдүнэн көмөнү 19 хаһаайыстыба ылар буолла.
1 га сиргэ хортуоппуйу үүннэриигэ субсидия суумата — 35 000 солк, 1 га сиргэ оҕуруот аһын үүннэриигэ —
45 000 солкуобай.
Нэһилиэктэринэн арааран, 1-кы Хомустаахтан – 2, Үөдэйтэн– 2, Партизантан – 3, Хамаҕаттаттан– 1, Хатыҥ Арыыттан – 3, Бөтүҥтэн – 5, Модуттан – 3 бааһынай хаһаайыстыба көмө харчы ылыахтара.
2024 сылга былаан быһыытынан улуус үрдүнэн 63 га сиргэ оҕуруот аһа уонна 293 га сиргэ хортуоппуй олордуллуоҕа.
Бу туһунан «Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата улуустааҕы дьаһалта телеграм-ханаалыгар иһитиннэрдэ.
Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…
Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…
Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…
Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…
Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…
Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…