Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ илиҥ эҥэр уонна киин улуустар баһылыктарын, салайааччыларын, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин уонна биэдэмистибэ тэрилтэлэрин эппиэттээх үлэһиттэрин кытта сүбэ мунньаҕы ыытта.
Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, бу суолталаах тэрээһиҥҥэ улуус баһылыга Юрий Слепцов, улуус баһылыгын солбуйааччы Филипп Николаев уонна тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Владимир Макаров кыттыыны ыллылар. Миниистир Артем Александров мунньахха 2025 сылтан СӨ Бырабыыталыстыбата тыа хаһаайыстыбатын салаатын өйүүргэ саҥа мэхэньииһимнэри олоххо киллэрэргэ туох үлэни ыытарын, муниципальнай тэриллиилэргэ тыа хаһаайыстыбатыгар биирдиилээн боломуочуйалар бэриллэллэрин туһунан иһитиннэрдэ. Салайааччылар, биллэн турар, бу мунньах түмүгүнэн ылыллыбыт быһаарыыны нэһилиэктэргэ тиэрдиэхтэрэ.
Маны таһынан, улуус пресс-сулууспата Ил Дархан Айсен Николаев бу дьыл кулун тутар 29 күнүгэр «СӨ туризмы уонна олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыы» диэн стратегическай Ыйаахха илии баттаабытын, онно олохтоох оҥорон таһаарыыны 2030 сылга диэри 1,5 төгүл улаатыннарыы соруга турарын бэлиэтээтэ. Уонна от ыйын 31 күнүгэр Нам улууһугар илиҥ эҥэр уонна киин улуустар баһылыктарын, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин уонна биэдэмистибэ тэрилтэлэрин эппиэттээх салайааччыларын кытта киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕа ыытылларын туһунан сырдатта.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…