Нам улууһугар олорор дьиэлэри куурдуу салҕанар
Халаан уутуттан эмсэҕэлээбит Нам улууһун Бөтүҥ нэһилиэгэр аварийнай-чөлүгэр түһэрэр үлэлэр салгыы ыытыллаллар.
Көмө кыра дохуоттаах дьиэ кэргэттэргэ уонна соҕотох олорор биэнсийэлээхтэргэ оҥоһулунна. Бу туһунан Саха сиринээҕи суһал ыстааба биллэрэр.
Бөтүҥ нэһилиэгэр кураторынан Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ анаммыта. «Ыам ыйын 26 күнүгэр гидротиэхиниичэскэй тутуулары чөлүгэр түһэрии үлэтэ ыытыллыбыта, ону тэҥэ кыра дохуоттаах дьиэ кэргэттэргэр уонна соҕотох олорор биэнсийэлээхтэргэ көмө оҥоһулунна», — диэн иһитиннэрэр Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Семен Коркин. Миэстэтигэр Саха сиринээҕи суол управлениетын 20 үлэһитэ уонна алта араас таһаҕас тиэйэр тырааныспардар тардылыннылар.
Санатан эттэххэ, Нам улууһугар ыам ыйын 24 күнүгэр РФ ЫБММ федеральнай резервэттэн 200 ититэр «пушкалар» аҕалыллыбыта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: