Нам улууһугар олус наадалаах тиэхиньикэ кэллэ

Share

Бэҕэһээ, муус устар 15 күнүгэр, Нам улууһугар хаарынан уонна бадараанынан сылдьар (снего-болотоход) саҥа көлө кэллэ.

Бу туһунан улуус дьаһалтатын телеграм-ханаалыгар «Нам улууһа» МТ гражданскай оборуонаҕа уонна ыксаллаах быһыыга-майгыга кылаабынай исписэлииһэ Николай Монастырев маннык сырдатта:

Улуустааҕы муниципальнай бырагыраама чэрчитинэн, 2024 с. РФ сокуонугар уонна тустаах ирдэбиллэргэ толору эппиэттиир куонкурус биллэриллэн, аукцион түмүгэ тахсан, саҥа көлөнү ылбыппыт. Нам улууһугар ыксаллаах быһыы-майгы түгэннэрэ үгүстүк буолаллар. Халаан уутун алдьархайыгар эмсэҕэлээһин, ойуур баһаардара, дьон сүтүүтэ үгүһүттэн уопсай сүбэнэн улуус салалтата хаарынан уонна бадараанынан сылдьар (снего-болотоход) атыылаһар соругу ылыммыта. Ыксаллаах быһыыга-майгыга тутуллар сыаллаах-соруктаах  6 киһи батар миэстэлээх тиэхиньикэ Новосибирскай куорат собуотугар быйыл оҥоһуллан тахсан,  саамай тоҕоостоох кэмигэр тиийэн кэллэ.

Онон Нам улууһа айылҕа араас алдьархайыттан эмсэҕэлиир улуустар ахсааннарыгар киирэринэн сибээстээн, билиҥҥи кэмҥэ олус туһалаах тиэхиньикэ намнарга улахан өйөбүлүнэн буолуоҕа.

Recent Posts

  • Хаартыска/Видео

ХААРТЫСКА: Саха артыыһа — Арассыыйа киинэтигэр

Саха тыйаатырын артыыһа Василий Борисов уһуллубут "Красный шелк" киинэ Арассыыйа бары киинэ тыйаатырдарыгар көстөн саҕалаата.…

36 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга кыралаан ардыыра, инчэҕэй хаар түһэрэ күүтүллэр

Бүгүн, бэс ыйын 5 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар кыралаан ардыыра, инчэҕэй хаар түһэрэ күүтүллэр…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор кэнсиэрдэрэ сэргэхтик ааста

Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүү улууһугар «Көмүскэл» доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолоох төрөппүттэр түмсүүлэрэ оҕолоругар анаан кэнсиэр оҥордулар.…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Биэс оҕо биир кэлим эксээмэни 100 баалга туттарда

Биир кэлим эксээмэҥҥэ быйыл бастакынан 100 баалы ылбыт оҕолор ааттара билиннэ. Кинилэр кимнээҕий? Химия биридимиэтигэр…

12 часов ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк

Айаҥҥа сэрэхтээх буолуҥ!

Өрүскэ айан саҕаламмытынан сибээстээн, кыра кээмэйдээх суудуналары өрүстэргэ, күөллэргэ ыытыы кэмигэр инникитин дьон-сэргэ тус олоҕор…

13 часов ago
  • Сыыппара
  • Үөрэх

ИТ-хайысханан үлэ булар чэпчээтэ

Госөҥөлөргө наадалаах ИТ- үөрүйэхтэргэ босхо тестированиены барар уонна РФ Цифровой сайдыыга министиэристибэтин официальнай сэртипикээтин ылар…

13 часов ago