Нам улууһугар атырдьах ыйын 12 күнүнээҕи туругунан тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар бары көрүҥнээх хаһаайыстыбалар 25 519, 9 туонна оту бэлэмнээтилэр.
Бу туһунан тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Владимир Макаров иһитиннэрдэ. Ол эбэтэр оттооһун былаана 75,98 % туолла.
Нэһилиэктэринэн тахсыбыт оттооһун былаанын көрдөрүүлэрин улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата билиһиннэрдэ: Үөдэй – 68,81 %; Ленскэй – 80, 30%; 1-кы Хомустаах – 61,85 %; Партизан – 71,05 %; Никольскай – 96,63%; Хамаҕатта – 88,01 %; Хатыҥ Арыы – 85,84 %; Бөтүҥ – 40,74%; Модут – 91,49%; Хатырык – 59,32%; Маймаҕа – 97,72%; Түбэ – 83,07%; Искра – 51,07; Салбаҥ – 77,87 %; Таастаах – 122,47%; Арбын – 71,57 %; Көбөкөн – 110,38%;
Фрунзе – 90,90%; 2-с Хомустаах – 75,84% .
Онон атырдьах ыйын 12 күнүн туругунан оттооһуyҥҥа былааннарын аһары толорон, Таастаах (122,47 %) уонна Көбөкөн (110,38%) нэһилиэктэрэ инники күөҥҥэ таҕыстылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: